Репост из: Неизвестно
📜🖋️Горнайдар Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа✨
✍🏻Бэҕэһээ, П.Д.Аввакумов аатынан киин библиотекаҕа улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Сардаана Стручкова библиотека, култуура үлэһиттэрин уонна айар түмсүүлэри кытта көрүстэ.
🤩Ол курдук бу күннэргэ Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы "Форум организаторов литературного процесса" диэн ситиһиилээх бырайыактары түмэр форумҥа улуустааҕы оҕо библиотекатын библиограба Наталья Жиркова буолан кыттыыны ылыыларын сиһилии сырдатта.
🍂📖Биир дойдулаахтарбыт саха норуодунай суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар айар үлэлэрин үйэтитэр өрөспүүбүлүкэтээҕи
"Бор көмүс күһүнэ" литература уонна поэзия аһаҕас бэстибээлигэр туһуламмыт "Единство строк" бырайыак талыллан, 40 бастыҥ иһигэр киирэри ситистэ.
🚀Салгыы кэлэр ыйга бу бырайыактартан 20 бастыҥнара, Суруйааччылар Бүтүн Арассыыйатааҕы сойуустарын өйөбүлүн ылыаҕа.
🍂✍🏻Манан сиэттэрэн Сардаана Степановна улууспут айар куттаахтарын түмэн, биир сыаллаах - соруктаах үлэни ыыталларыгар соруктаата.
🥰👏🏻Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах форумнар, кэскиллээх хамсааһыннар ыытыллаллара былааннаннар.
"Үлэ күүһэ" сонуннара.