MXStat
MXStat
Введите текст для поиска
Расширенный поиск каналов
  • Вход на сайт
  • Каталог
    Каталог каналов Региональные подборки Поиск каналов
    Добавить канал
  • Рейтинги
    Рейтинг каналов Рейтинг публикаций
  • Аналитика
  • Поиск по публикациям [new]
  • Мониторинг Max
«Эркээйи» Новости Мегино-Кангаласского улуса

13 Nov, 10:58

Открыть в Max Поделиться

02:20
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Prev Next
«Үрүҥ тугут» оҕо-ыччат ускуустубатын улуустааҕы бэстибээлигэр 700 тахса кыттааччы айар дьоҕурун көрдөрдө

🦌 Сэтинньи 12 күнүгэр Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, СӨ Култуура сылларыгар анаан «Ыччат уонна оҕо» национальнай бырайыак, «Биһиги бииргэ» федеральнай бырайыак чэрчитинэн «Үрүҥ тугут» эригийиэннээҕи бырайыак оҕо уонна ыччат ускуустубатын улуустааҕы бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык буолла.

1️⃣ Сүрүн  тэрийээччинэн «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай хамсааһына буолар.

💖 Мэҥэ Хаҥалас оҕо уһуйааннарын дьоҕурдаах иитиллээччилэрин, оскуола үөрэнээччилэрин, хореографтарын, төрөппүттэри эҕэрдэ тылынан улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Михаил Нестеров, «Үрүҥ тугут» оҕо уонна ыччат ускуустубатын бэстибээлэ» эригийиэннээҕи бырайыак салайааччыта, «Бастыҥнар хамсааһыннара» өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын бырайыактарын салайааччыта Кира Кривошапкина, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий Игнатьев көрүстүлэр.

👧🏻 Бэстибээл 700-н тахса кыттааччыны түмтэ. Бииртэн биир кэрэ толоруулары «Вокал ускуустубата», «Хореография ускуустубата», «Уус-уран ааҕыы» курдук үс түһүмэҕинэн Кира Кривошапкина салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ көрдө-иһиттэ, сыаналаата.

👦🏻 Маны тэҥэ оҕолорго анаан араас маастар-кылаастар, оонньуулар тэриллиннилэр уонна улахан аниматор-куукулалар ыалдьыттаатылар.
100-н тахса нүөмэр толоруллан, түһүмэхтэр бастыҥнара ааттаннылар, кыайыылаахтар салгыы ахсынньы 1-5 күннэригэр улуус аатыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ кытта барар путевкалары ыллылар.

Сиһилии уонна элбэх хаартысканы БУ СИГЭНЭН киирэн билсиҥ ⬅️

@gazetaerkeii
@ulusmedia

1.5k 4 18
Каталог
Каталог каналов Подборки каналов Поиск каналов Добавить канал
Рейтинги
Рейтинг каналов Max Рейтинг публикаций
API
API статистики API поиска публикаций
Наши каналы
MXStat в Telegram MXStat в Max
Контакты
Написать в Max Написать в Telegram Написать на почту
Всякая всячина
Пользовательское соглашение Политика конфиденциальности Публичная оферта
Наши боты
MXAuthBot MXAnalyticsBot MXStatBot
Made by TGStat