Дьокуускай куоракка "Сэргэлээх уоттара" култуура киинигэр Боотулуу нэһилиэгин 255 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт дьоро киэһээ ыытылынна.
Күндү Боотулуу нэһилиэгин дьонун-сэргэтин!Эһигини Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Боотулуу нэһилиэгэ төрүттэммитэ 255 сыллаах үбүлүөйүнэн ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!Боотулуу – улууспут саамай тэтимнээхтик сайдар, кэскиллээх, үлэһит дьонноох нэһилиэктэриттэн биирдэстэрэ буолар. Россия уонна өрөспүүбүлүкэбит таһымнаах бырагырааммаларыгар көхтөөхтүк кыттан элбэх бырайыактар олоххо киирэллэр.
Ол курдук, 2024 сыл балаҕан ыйыгар «АЛРОСА» хампаанньа дивиденин көмөтүн эрэллээхтик туһанан, 165 миэстэлээх, икки этээстээх, аныгылыы тутуллаах, толору хааччыллыылаах саҥа таас оскуола үөрүүлээх быһыыга арыллан үлэтин саҕалаабыта. Маны сэргэ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү национальнай бырайыак чэрчитинэн икки этээстээх элбэх кыбартыыралаах аныгы дьиэ тутуллан, үгүс ыал куораттыы хааччыллыылаах саҥа дьиэ үөрүүтүн биллилэр. Оттон быйыл нэһилиэк баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Кирилл Васильевич көҕүлээһининэн, ыһыахтыыр түһүлгэни саҥардар улахан үлэ саҕаланна.
Быйылгы үбүлүөйдээх сылга үтүө түгэнинэн буолбута - "Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саӈардыы" федеральнай бырайыагынан, СӨ Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүллэринэн тутуллубут саҥа, аныгы балыыһа ааспыт ыйга арыллыыта.
Боотулуу дьоно-сэргэтэ түмсүүлээҕинэн, көхтөөҕүнэн мэлдьи уратылаах. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан (ППМИ) сыл аайы дьоҥҥо туһалаах саҥа эбийиэктэр олоххо киирэллэрэ нэһилиэк дьиҥнээх сомоҕолоһуутун көрдөрөр.
Ону сэргэ, биир улахан түмүктээх ситиһиинэн быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнигэр Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарыттан Боотулуубут төрүт киһитэ Николай Николаевич Долгунов депутатынан талыллыыта буолла. Быыбарга Боотулуу олохтоохторо биир дойдулаахтарын күүскэ өйөөн, саамай үрдүк бырыһыаннаах куолаһы биэрэн, түмсүү бастыҥ холобурун көрдөрдүлэр.
Билигин улуус дьаһалтата Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна култуура миниистиэристибэтин кытта Боотулуу нэһилиэгин култуура киинин хапытаалынай өрөмүөнүгэр ситимнээх үлэни ыытабыт. Эһиилги сылга хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ саҕаланарын эрэнэ былаанныыбыт.
Өссө төгүл күндү Боотулуубут дьонун-сэргэтин, ытык кырдьаҕастарын, эдэр ыччатын 255 сыллаах дьоро үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэлиибит! Эйэлээх, үүнэр-сайдар кэскиллээх олоҕу, чэгиэн туругу, дьиэ кэргэттэргэ дьолу-соргуну, ил-эйэни баҕарабыт! Боотулуу урукку кэрэ кэмин кэҥэтэн, өссө үрдүк чыпчаалларга дабайа турдун!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В. В. Николаев#Боотулуу255
#ҮөһээБүлүү
#Эҕэрдэ
max.ru/channel_VNikolaev