⚜️Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут Д.М. Слепцов сиэнэ, сылгыһыт, тойуксут, оһуохайдьыт Афанасий Алексеевич Слепцов төрөөбүтэ 85 сылын көрсө "Оһуохайы олохтуоҕуҥ, эһиэхэйи дьиэрэтиэҕиҥ!" оһуохай күрэҕэ бээтинсэ күн Арчы дьиэтигэр ыытылынна.
Бу күн "Удьуор утума" түмсүү, култуура, үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрэ, оскуола оҕолоро уонна оһуохайы сэҥээрэр дьон биир түһүлгэҕэ муһуннулар. Арчы дьиэтин хаһаайката И. Н. Слепцова аал уоту оттон, Байанай ыйыгар аналлаах алгыс сиэрин-туомун ыытта. Култуура управлениетын начальнига Ю. П. Черов эҕэрдэ тылы эттэ, А. А. Слепцов туһунан сырдатта. Индигир орто оскуолатын үөрэнээччитэ Дима Атласов норуот ырыатын ыллаан дьон болҕомтотун тарта. Е. К. Слепцов убайын Афанасий туһунан истиҥник ахтан-санаан ылла.
Оһуохай күрэҕэр маҥнай оскуола оҕолоро, онтон улахан дьон кытыннылар.
Күрэх түмүгүнэн оскуола оҕолоругар Вика Егорова (Муома орто оскуолатын 7 "б" кылааһын үөрэнээччитэ) "Чуор куоластаах оҕо этээччи" анал ааты ылан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Эрчимэн Атласов (МОО 7 "а" кылааһын үөрэнээччитэ) "Кэскиллээх этээччи" бэлиэ ааты ылла. Кыттыбыт оҕолор бары "Удьуор утума" түмсүү анал бэлэхтэринэн биһирэннилэр.
Улахан дьоҥҥо Маргарита Атласова (Индигир нэһ.) "Бастыҥ этээччи" ааты ылан кыайыылаах буолла. Оройуон бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Е. И. Слепцоваҕа "Ытык этээччи" аат иҥэрилиннэ. Кыттыбыт дьон бары анал ааттары ыллылар, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Афанасий Слепцов үбүлүөйдээх сылыгар оһуохай олохтонно, эһиэкэй дьиэрэйдэ.
↪️Сиһилии хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.
@indigir_uottara