MXStat
MXStat
Введите текст для поиска
Расширенный поиск каналов
  • Вход на сайт
  • Каталог
    Каталог каналов Региональные подборки Поиск каналов
    Добавить канал
  • Рейтинги
    Рейтинг каналов Рейтинг публикаций
  • Аналитика
  • Поиск по публикациям [new]
  • Мониторинг Max
Степан Саргыдаев

13 Nov, 03:13

Открыть в Max Поделиться

Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ, дойдуга тосту уларыйыылаах уустук кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сөптөөх суолунан эрэллээхтик салайбыт, инники кэскилигэр бигэ тирэх буолбут сүүнэ үтүөлээх сүдү киһибит Михаил Ефимович Николаев күн сирин көрбүтэ.

Кини Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтэ.

Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сылтан 2002 сылга диэри ситиһиилээхтик салайан, кэлэр кэмнэргэ эркээйи буолар кэскиллээх суоллары арыйбыта.

2002-2010 ссылларга Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, 2011-2016 сылларга РФ Судаарыстыбаннай Дууматын VI ыҥырыытын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ.

Кини 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй үнүстүтүүтү бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ.

1989 с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1991 с. М.Е.Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнинэн талыллан тахсыылаахтык үлэлээбитэ.

Чурапчыбыт улууһа тыа хаһаайыстыбатынан сайдар кэскилин түстээбит, элбэхтэ өйөөбүт үтүөтэ умнуллубат!

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ саҥа суолга үктэниитигэр, инники сайдыытыгар, бигэ олугу уурбут сүдү киһибит үтүө аата үйэлэргэ ааттана туруо!

187 2 1
Каталог
Каталог каналов Подборки каналов Поиск каналов Добавить канал
Рейтинги
Рейтинг каналов Max Рейтинг публикаций
API
API статистики API поиска публикаций
Наши каналы
MXStat в Telegram MXStat в Max
Контакты
Написать в Max Написать в Telegram Написать на почту
Всякая всячина
Пользовательское соглашение Политика конфиденциальности Публичная оферта
Наши боты
MXAuthBot MXAnalyticsBot MXStatBot
Made by TGStat