MXStat
MXStat
Введите текст для поиска
Расширенный поиск каналов
  • Вход на сайт
  • Каталог
    Каталог каналов Региональные подборки Поиск каналов
    Добавить канал
  • Рейтинги
    Рейтинг каналов Рейтинг публикаций
  • Аналитика
  • Поиск по публикациям [new]
  • Мониторинг Max
НОВОСТИ ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА

17 Nov, 09:10

Открыть в Max Поделиться

Репост из: МР "Верхневилюйский улус (район)"
Дойду үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Сиригэр Култуура сылларын чэрчитинэн ыытыллар,
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Андрей Титович Титаров төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олонхо тойугун ситимэ, оһуохай дуораана” күрэх Балаһыанньата.

Буолар күнэ - дьыла: Ахсынньы ый 18-19 күннэрэ, 2026 сыл.
Ыытыллар сирэ: Дьокуускай куорат, “Арчы дьиэтэ” Чернышевскай аатынан уулуса, 24 нүөмэрдээх дьиэтэ.

Күрэх тэрийээччилэрэ:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин өйөбүлүнэн Үөһээ Бүлүү муниципальнай оройуон "Култуура уонна духуобунай сайдыы департамена" МКТ,
«Кэнтик нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтэ, «Хомустаах нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалталара.


Күрэх сыала-соруга:

Саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын киллэрбит, омоллоон оһуокайы оройуттан өрө туппут киэн туттар оһуокайдьыт, айылҕаттан айдарыылаах отоһут, аар тайҕа байанайдаах булчута Андрей Титович Титаров аатын үйэтитии;
Саха төрүт култууратын – оһуохайы киэҥник тарҕатыы;
ааттаах – суоллаах оһуохайдьыттар ааттарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, удьуор утумун сайыннарыы, саҥа ааттары булуу.


Күөн күрэх сүрүн ирдэбиллэрэ:

•Этээччи түһүлгэтин тутуута
•Хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла-өһө.
•Кыттааччы куолаһын кэрэтэ уонна тутта-хапта сылдьыыта.
•Оһуохай түһүмэхтэрин тутуһуута
•Кыттааччы күөн күрэс устата сахалыы таҥастаах буолара ирдэнэр;
•Кыттааччылар паспорт, ИНН, СНИЛС илдьэ кэлэллэрэ ирдэнэр.

Кыттааччылар бөлөхтөрө:

- 35-55 дылы саастаахтар
- 56 - тан үөһээ саастаахтар
Кыайыылааҕы быһыырыы:
Оһуохайын биэс киһиттэн састааптаах дьүүллүүр сүбэ быһаарар. Сыаналанар көрүҥнэрэ:
-Оһуохайдьыт уус уран тыла - өһө, тэтимэ, түһүлгэтин тутара, оһуохай түһүмэхтэрин тутуһара, куолаһа, таҥаһа - саба, хамсаныыта Дьүүллүүр сүбэ балаһыанньа быһыытынан сыаналанар.

Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:
Оһуокай күрэҕин түмүгүнэн 1,2,3 үрдэллэр олохтонуохтара.
Дархан этээччигэ сүрүн бириис А.Т. Титаров оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ туруорбут 300 000 солкуобай, саҥа саҕалааччыга 100 000 солкуобай, маны таһынан анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ.

Быһаарыылар:

Сэрэбэй күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ эрэ ыытыллар.
- Этээччи кынат дьонун бэйэтэ булан, түһүлгэ саҕаланар бириэмэтигэр бэлэм буолуохтаах.
- Этээччилэр бириэмэлэригэр эттилэр даҕаны баран хаалбакка, атын этээччини өйөөннөр кынат буолан кытталлара учуоттанар.

Билсэр телефон: Васильева Александра Васильевна – 89141005738
Мойтохонова Айталина Михайловна - 89659988070
Сайаапкалары хомуйуу: ont_id@mail.ru электроннай аадырыска ылабыт.

347
Каталог
Каталог каналов Подборки каналов Поиск каналов Добавить канал
Рейтинги
Рейтинг каналов Max Рейтинг публикаций
API
API статистики API поиска публикаций
Наши каналы
MXStat в Telegram MXStat в Max
Контакты
Написать в Max Написать в Telegram Написать на почту
Всякая всячина
Пользовательское соглашение Политика конфиденциальности Публичная оферта
Наши боты
MXAuthBot MXAnalyticsBot MXStatBot
Made by TGStat