🌿Ольга Иванова төрөөбүтэ 94 сыла🌿
Ольга Иванова норуот тапталлаах ырыаһыта, Саха АССР уонна Российскай Федерация култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Айылҕа харыстабылын туйгуна, Саха - Азия оҕолорун норуоттар икки ардыларынааҕы Фондатын стипендиата, мелодист, самодеятельнай композитор , Амма улууһун бочуоттаах гражданина, үгүс мэтээллэр уонна знактар кавалердара Ольга Петровна Иванова - Сидоркевич Элэһин сиригэр Арыылаах сыһыытыгар 94 сыл анараа өттүгэр сэтинньи 23 күнүгэр төрөөбүтэ.
🎶Педагог быһыытынан Ольга Петровна ыччаты иитиигэ кини ис туруга чөл, кытаанах уонна баай буоларыгар кыһанара. Оҕо кыратыттан норуот айымньытын кэрэхсии улаатарыгар, баһылыырга үөрэнэригэр, толорор маастарыстыбата үрдүүрүгэр кыһанара. Онуоха барытыгар айылҕа оруолун суолтатын чуо бэлиэтиирэ, үлэтигэр туһанара. Кини иитэн таһаарбыт үөрэнээччилэрэ учууталларын курдук култуура, искусство уонна үөрэҕирии эйгэтигэр чэпчэкитик хааман киирбиттэрэ.
📍 Эппит тылыгар туругас, туруоруммут соругун толоругас, эҥкилэ суох үлэһит, саҥаны айарга, салайарга сүдү талааннаах, айар дьоҕур дьиҥ сүмэтин иҥэриммит Киһи –Кини, Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич олоҕу, оҕолору, ыччаты, норуотун муҥура суох таптыырын туоһута, кини хаһан да умнуллубат, уостан түспэт тыыннаах чараас кыллаах нарын-намчы ырыалара. Бу буолар дьиҥнээх Киһи, улахан айааччы, биллиилээх Ырыаьыт олорбут олоҕун ис хоһооно, төрөөбүт Сахатын сирин Россияҕа, Аан дойдуга тиийэ аатырдыбыт, биллэрбит, сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит туоһута!
#ОльгаИванова
#Аммачэчирэ