🎉 Сэтинньи 12 күнүгэр Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр Олонхо дьиэтигэр улууспут нэһилиэктэриттэн уран талааннаах тарбахтаах ТИҺИЛИК маастардар түмсүүлэрин норуодунай аатын көмүскүүр үлэлэрин быыстапкаларын көрүү буолла! 💛
Быыстапканы Саа Өрөспүүбүлүкэтин норуот айымньытын дьиэтин испэсэлииһэ Ольга Протопопова, улууска Тиһилик түмсүүлэрин өр сылларга салайбыт СӨ култууратын туйгуна Марфа Петрова, култуура уонна духуобуна сайдыы управлениятын испэсэлиһэ Айгулья Данилова көрдүлэр, иһиттилэр, сүбэлэри биэрдилэр. 🤗
Тэрээһиҥҥэ Маҥаны нэһилиэгин түмэлэ, сынньалаҥ киинэ нэһилиэк талааннаах тарбахтаах иистэнньэҥнэрин Христофорова К.Д., Стручкова Т.Е., Осипова А.Н., Александрова А.В., Винокурова М.В., Павлова В.С., Попова Т.В., Любовь Владимировна үлэлэрин туруордулар, билиһиннэрдилэр. 👏🥰
📸 Тэрээһин түгэннэринэн хаартыскаларын көрүҥ:
https://vk.ru/album-217297955_312483961#ТИҺИЛИК #ОлонхоДьиэтэ #Быыстапка #МаҥаныТүмэлэ #УранТалаан #ГорныйУлуус