МБУ «Центр Духовности им. С. и С. Даниловых»


Гео и язык канала: Россия, Татарский
Категория: Искусство


Официальный канал МБУ « Центр Духовности имени Семена и Софрона Даниловых» МР « Горный улус»
Информационно-просветительский канал о культурных событиях Горного улуса.
Информационно-просветительский канал о деятельности учреждения
Культурно-досуговое учреждение

Связанные каналы

Гео и язык канала
Россия, Татарский
Категория
Искусство
Статистика
Фильтр публикаций


Бугун, ол эбэтэр сэтинньи 26 кунугэр Правительство дьиэтигэр Олонхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар тэрээьиннэртэн биирдэстэринэн республика уус тыллаах олонхону толорооччуларыгар, оьуохайдьыттарга, уран тарбахтаах уустарга уонна норуот маастардарыгар Ил Дархан стипендияларын туттарыы уеруулээх сиэрэ-туома буолла. Манна олонхону толорооччулар хайысха5а 6 стипендиат ааттаммытыттан биирдэстэрэ - биьиги улуустан Кировскай нэьилиэгин 80 саастаах ытык-мааны киьибит, олонхону толорооччу Василий Николаевич Павловка республикабыт Ил Дархана А.С.Николаев стипендиат буолбутун туоьулуур суругун туттарда, онон, биьиги, Горнайдар, уеруубут урдээтэ!👏🏻👏🏻👏🏻 Маны сэргэ, Ил Дархан бирииьигэр 1кы республикатаа5ы 3 туьумэхтээх олонхону толорооччулар куен курэстэрин тумугун таьаардылар уонна бу курэс мунутуур кыайыылаах аатын Нам улууьуттан Яна Нюргусова ааттанан 500 тыс. суммалаах сертификаты тутта. 2с урдэл -Василина Павлова (Елуехумэ), 3-с урдэл - Наталья Эконова (Сунтаар) ааттаннылар. Василий Николаевичка ситиьиитинэн ессе тегул итии-истин э5эрдэбитин тиэрдэбит, чэгиэн туругу ба5арабыт! Елена Леонтьева






Репост из: Управление культуры Горного улуса
🕯️ Дни траура в Горном улусе

25, 26 и 27 ноября в улусе объявлены днями траура в связи с кончиной Почетного гражданина Горного улуса, заслуженного работника культуры РС(Я) Августины Николаевны Филипповой.

Флаги будут приспущены, культурно-массовые, развлекательные мероприятия отменены.

Соболезнования родным и близким. Светлая память.


🕯️🙏 Саха сирин бар дьонун кутун туппут, кэрэни кэрэһэлээбит уһулуччулаах худуоһунньук-модельер, дизайнер Августина Николаевна Филиппова сырдык аата, үтүө мөссүөнэ, үйэлэри уҥуордаан, саха дьонун кэрэҕэ, сырдыкка угуйа туруоҕа.

Саха норуотун киэн туттуута, айылҕаттан айдарыылаах талаан, ытык киһибит, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Хотугу сулус» уордьан, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуотун маастара, Горнай уонна Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Горнай улууһун култууратын Бочуоттаах үлэһитэ Августина Николаевна Филиппова ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэннэ.

Филиппова А.Н. 1948 сыллаахха Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищены уонна художественнай училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, норуодунай тыйаатыр режиссера уонна худуоһунньук идэтин баһылаабыта.

Кини айар үлэтэ Амма норуодунай тыйаатырыттан саҕаламмыта, оттон 1994 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га «Үрүҥ Чөмчүүк» муода студиятын арыйан, саха таҥаһын үрдүк таһымҥа таһаарбыта. 1995 сыллаахха «Саһарҕа» муода бэстибээлигэр кини айбыт кэллиэксийэтэ бастаабыта.

Августина Николаевна саха төрүт үгэһин, мындыр оһуорун-бичигин аныгылыы тыыннаан, кэрэ айымньыга кубулутар ураты дьоҕурдааҕа. Кини үлэлэрэ Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Францияҕа (Онфлер, Канны), Канадаҕа (Торонто), Италияҕа (Рим) көрдөрүллэн, саха омук баай култууратын бүтүн аан дойдуга билиһиннэрбиттэрэ. Биллиилээх модельер Вячеслав Зайцевы кытта бииргэ үлэлэһэн, үрдүк сыанабылы ылбыта.

Горнай улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, култуура үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ бокуонньук Августина Николаевна Филиппова  дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаннарын тириэрдэллэр.


Репост из: Управление культуры Горного улуса
⚜️Сэтинньи 20–21 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр Иванова Варвара Семеновна — Эһиэкэй Балбаара төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай күрэҕэ буолла.

⚜️Икки күннээх күрэскэ Дьокуускай куораттан, Горнай, Ньурба, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү уонна Сунтаар улууһуттан оһуохай этээччилэр кыттыыны ыллылар.

⚜️Улуустан улахан дьоҥҥо Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин иһинэн үлэлиир фольклорнай бөлөх салайааччыта Дарья Егоровна Алексеева, оҕолорго кини иитиллээччилэрэ — Эрсан Рожин, Айсен Заровняев оһуохайдыыр дьоҕурдарын көрдөрдүлэр.

Уопсай түмүк:

🏆 Дарья Алексеева «Кылыгырас кылыһахтаах» диэн анал ааты уонна бэйэтин саастыылаахтарыгар 3-с миэстэни ылары ситистэ.

🥇 Эрсан Рожин 7–11 диэри саастаах оҕолорго 1 үрдэл буолла.

🚗💨 Ыраах айаҥҥа массыыналарынан илдьэн-аҕалан өрүү өйөбүл буолар Сардана, Иван Рожиннарга, уматыгынан хааччыйбыт Ресурснай кииҥҥэ махтанабыт!

🌟 Салгыы ситиһиилэри баҕарабыт!
#култуурауправлениета


Репост из: Управление культуры Горного улуса
🏆«Биһиги нэһилиэстибэбит» өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэх II түһүмэҕин түмүгэ

🔸«Биһиги нэһилиэстибэбит» өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэх II түһүмэҕин түмүгүнэн тимир ууһа Альберт Вячеславович Платонов I степеннээх дипломунан наҕараадаланан финалга киирдэ!

🗓 Ахсынньы 11 күнүгэр кини Ю.А. Гагарин аатынан культура уонна аныгы искусство киинигэр күрэх III түһүмэҕэр үлэтин көрдөрүөҕэ.

👏 Истиҥник эҕэрдэлиибит! Альберт Вячеславовичка финалга ситиһиини баҕарабыт!

📍 Дьокуускай куоракка «Биһиги нэһилиэстибэбит» («Наше наследие») норуот уус-уран айымньытын көрүҥнэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэх II түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бу тэрээһин РФ норуоттар сомоҕолоһууларын сылын уонна СӨ култууратын сылын чэрчитинэн ыытылынна.

🔸Биһиги улууспутуттан кыттыбыт айар бөлөхтөрбүтүн, талааннаах дьоммутун итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, махталбытын биллэрэбит!

🥉 III степеннээх диплом кыайыылаахтара:

1. Театральнай искусство хайысхаҕа — Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатыра (режиссер Мартынова Елизавета Иевна)
2. Декоративнай-прикладной ускуустуба (маһынан уһаныы) хайысхаҕа — СӨ уус-уран оҥоһук маастара Дьячковскай Валерий Моисеевич
3. «Өбүгэ утума» этно-фольклорнай бөлөх (салайааччы Мартынова Елизавета Иевна)
4. «Ыллык» вокальнай бөлөх (салайааччы Иванов Сергей Ильич)
5. «Эҕэрдэ» үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Кычкина Сайаана Александровна)


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Бэрдьигэстээххэ сэтинньи 23 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр (Нагорная уул., 4) Горнай улууһугар Олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста. Тэрээһин сарсыарда 10 чаастан саҕаланан, улуус олохтоохторун уонна ыалдьыттарын саха омук духуобунай баайын кытта алтыһыннарда.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһын арыйда "Олоҥхо кэскилэ" уһуйаан оҕолоро көрөөччүлэргэ "Чөҥөчөх оҕонньор, Төҥүргэс эмээхсин" диэн олоҥхоттон бэртээхэй инсценировканы бэлэхтээтилэр. Оҕолор оруолларын олус итэҕэтиилээхтик толорон, мустубут дьон биһирэбилин ыллылар.
Салгыы Горнай улууһун маастардарыттан ыытыллыбыт босхо маастар-кылаастарга кылынан оҥоһуктары оҥоруу кистэлэҥнэрин баһылаатылар, илиинэн саха оһуорун тигиитигэр буолла. Маастар-кылаастары СӨ норуотун маастара Валентина Егоровна Захарова уонна Горнай улууһун норуот маастара Надежда Семеновна Павлова көх-нэм буолан кинилэргэ махталбыт муңура суох.
Күн сүрүн тэрээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр ыытыллар I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону 8 чаас устата толоруу буолла. Улууспут дьоно-сэргэтэ норуот героическай эпоһын илэ истэн, саха омук үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит баай нэһилиэстибэтин кытта билистилэр. Уһун тыыннаах толорууга Сунтаар улууһуттан Эконова Наталья Ивановна уонна Нам улууһуттан Руфова Елена Игнатьевна кыттыыны ыллылар.
Олоҥхо дьиэтэ бу күн норуот тыынын уһугуннарбыт, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөппүт духуобунай түһүлгэҕэ кубулуйда. Тэрээһин ситиһиилээхтик са5аланан түмүгүн биллэриэхпит. Декада чэрчитинэн өссө да элбэх тэрээһиннэр күүтэллэр.

“Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ-Олоңхо дьиэтэ” информацияны суруйда Ольга Емельянова.




Убаастабыллаах Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

Горнай улууһугар Олоҥхо декадатын үөрүүлээх арыллыытын тэрээһинигэр сахабыт сайдам дьонун ыҥырабыт!

Тэрээһин тосхоло:
- Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта
- "Олоҥхо кэскилэ" уһуйаан оҕолорун толоруутугар "Чөҥөчөх оҕонньор, Төҥүргэс эмээхсин" олоҥхоттон инсценировка;
- Горнай улууһун маастардарыттан маастар кылаастар (Босхо)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр ыытыллар I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону 8 чаас устата толорууну истии. Кыттыыны ылаллар: Сунтаар улууһуттан Эконова Наталья Ивановна, Нам улууһуттан Руфова Елена Игнатьевна.

Орто туруу дойду Олоҥхотун, өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон, оллоонноон олорон истэ, көрө кэлэргитигэр ыҥырабыт.


Буолар күнэ: Сэтинньи 23 күнэ;
Буолар сирэ: Олоҥхо дьиэтэ (Нагорная, 4)
Саҕаланар: 10:00 ч.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max


Репост из: Минкультуры Якутии
📜🪶14 ноября, в день 140-летия со дня рождения выдающегося якутского писателя, поэта и драматурга Анемподиста Ивановича Софронова — Алампа, на сцене Саха академического театра им. П. А. Ойунского состоится торжественная церемония вручения общественной премии имени Алампа.

Эта премия — дань уважения человеку, чьё творчество стало фундаментом якутской литературы и театра. В год 140-летия Алампа особенно важно отметить тех, кто сегодня продолжает его дело, сохраняет и развивает родное слово, культуру и искусство.

В этом году премия будет вручена по следующим номинациям:

🌟«Писатель» / «Суруйааччы»
🌟«Поэт» / «Бэйиэт»
🌟«Литературное слово» / «Уран тыл»
🌟«Драматургическое произведение» / «Бастыҥ драматург»
🌟«Художник» / «Дархан ойууһут»
🌟«Кинематографист» / «Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ»
🌟«За вклад в развитие и продвижение родной литературы» / 🌟«Төрөөбүт литератураны сырдатыыга кылаатын иһин»
🌟«Режиссёр» / «Дэгиттэр режиссёр»
🌟«Лучший актёр» / «Чаҕылхай артыыс»
🌟 «Лучшая актриса» / «Чаҕылхай артыыска»
🌟 «Автор-песенник» / «Ырыа айааччы»
🌟«За преданность Алампа» / «Алампаҕа сүдү бэриниилээх»

🪩Начало мероприятия: 16.00 ч.

Приглашаем всех любителей культуры и искусства разделить этот праздник. Пусть имя Алампа и дальше вдохновляет новые поколения творцов!

https://max.ru/minkultyakutia




Улууспут олохтоохторун кэрэни кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт. Быыстапка Олоҥхо дьиэтигэр (Нагорная 4) ый бүтүөр диэри турар. Киириитэ көҥүл.










Горнай улууһун "Тиһилик" норуот маастардарын түмсүүтэ бүгүн "Норуодунай" аатын көмүскээтэ. Улуус үрдүнэн тарбаҕар талааннаах, төрүт үгэспит араас көрүҥүнэн дьарыктанар маастардар үлэлииллэр, ситиһиигэ кынаттаналлар. Марфа Николаевна Петрова 1993 - 2020 сылга диэри ситиһиилээхтик салайан олус элбэх дьоммутун өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар таһааран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин "Норуодунай", уус - уран оҥоһук маастардара баар буолбуттара. 2022 сыллаахтан Духуобунас киинин иһинэн "Тиһилик" түмсүү киирэн улуус үрдүнэн күн бүгүн 72 маастар, ол иһигэр 14 Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай маастара, 20 Саха өрөспүүбүлүкэтин уус - уран оҥоһук маастардара, 15 Горнай улууһун норуодунай маастардара баар буоллулар. Улууспутугар саҥа хайысхаҕа тимир уустара эбилиннилэр, туойдьуттар, мас уустара күүскэ үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Ольга Ивановна Протопопова бэрэссэдээтэллээх үс киһиттэн турар хамыыһыйа дьоммут үлэтин көрдө, сыаналаата. Тэрээһини өрөспүүбүлүкэ Дархан этээччитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, алгысчыт Духуобунас киинин фольклор исписэлииһэ Прокопий Федоров кылыһахтаах тойугунан арыйда. Салгыы тэрилтэбит салаайааччыта Александра Владимировна Алексеева киирии тылынан эҕэрдэлээтэ, хас биирдии маастарга ситиһиини баҕарда. Түмсүү салайааччыта Анастасия Васильева түөрт сыл устатыгар туох үлэ ыытыллыбытын сиһилии кэпсээтэ. Экраҥҥа "Тиһилик" түмсүү үлэтэ, хамнаһа аныгылыы тыыннанан оҥоһуллан дьон - сэргэ дьүүлүгэр көһүннэ. Улууспут нэһилиэктэриттэн кэлбит дьоммут хас биирдиилэрэ үлэлэрин, оҥоһуктарын лоп бааччы кэпсээн дьүүллүүр сүбэ астыммытын, киэн ис хоһоонноох быыстапка турбутун бэлиэтээтилэр. Аҕам саастаах иистэнньэҥнэрбит сааһырдыбыт диэбэккэ быыстапкаҕа саҥа үлэлэрин туруорбуттарын үгүс дьон сөҕө көрдө. Одуну, Кэптин, Күөрэлээх, Солоҕон, Мытаах, Орто - Сурт нэһилиэктэрин сахалыы сонноох Далбар Хотуттара тэрээһини киэргэттилэр. Бүгүҥҥү улахан, үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт күндү дьоммутугар, убаастабыллаах маастардарбытыгар, нэһилиэктэр түмсүүлэригэр, салайааччыларыгар улахан махталбытын биллэрэбит. Аны кэлэр түөрт сылга өссө элбэх саҥа сонун үлэлэр тахсыахтара, саҥа ааттар аатаныахтара диэн бигэ эрэллээхпит. Анастасия Васильева Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин уус - уран уонна "Тиһилик" түмсүү салайааччыта.


Репост из: МР "Горный улус"
🔶Весть о поддержке: Дьячковские передали обереги участникам СВО

В рамках акции поддержки военнослужащих, Дьячковские Антонина Николаевна и Валерий Моисеевич - Сиэн Харах передали для наших ребят, находящихся на передовой, особые обереги. Эти талисманы изготовлены из дерева, в которое ударила молния — по народным поверьям, такой материал обладает особой силой и способен защитить от беды.

Пусть эти обереги станут для наших парней надежной защитой и источником силы духа, помогая им вернуться домой живыми и здоровыми.

Показано 20 последних публикаций.