Улуустааҕы идэ маастарыстыбатын чемпионатын сүүмэрдиир түһүмэҕэ «Профессионалы» (Эдэр профессионаллар)- 2027 «Искусство из конского волоса» компетенция иһитиннэрии суруга
2026 сыл сэтинньи 13 күнүгэр «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр «Профессионалы (Эдэр профессионаллар)-2027» идэ маастарыстыбатын чемпионатын улуустааҕы сүүмэрдиир түһүмэҕэ «Искусство из конского волоса» компетенция ыытылынна.
Күрэхтэһиигэ 9 үөрэх тэрилтэтиттэн икки бөлөххө арахсан: А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыттан, Н.Д. Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолатыттан, И.И. Платонов аатынан Наахара орто оскуолатыттан, С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолатыттан, Алтан орто оскуолатыттан, С.З. Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатыттан, И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицейиттэн уонна «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн барыта 16 оҕо кыттыыны ыллылар .
Сыллата бу компетенция кыттыылаахтара сылгы сиэлиттэн уонна кылыттан оҥоһук уустук ньымаларын баһылаабыт үөрэнээччилэрбит үрдүк таһымнарын көрдөрөллөр, күрэх уопсайа биэс чаас устата ыытыллынна.
«11+» категориялаах кыттааччыларга, «Сатабыл» диэн харысхал киэргэли оҥоруу соруга турбута. Бу категорияҕа 11 үөрэнээччи кытыыны ылла. Кыттааччылар бары кэрэ уонна ураты оҥоһуктары оҥорон таһаардылар.
«14+» категориялаах кыттааччыларга, соруктара «Таҥалай» дьахтар харысхал курун өрүү буолла. Манна 5 үөрэнээччи сатабыллаахтык үлэлээтилэр.
Бүгүҥҥү күрэх экспертэрэ:
· Сергеева Надежда Викторовна - Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастара, «Уран Майя» холбоһук салайааччыта,
· Чирикова Анна Михайловна - Мэҥэ Хаҥалас улууһун уус-уран оҥоһук маастара,
· Уваровская Александра Васильевна - «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһи киинин үрдүк категориялаах педагога, күрэх сүрүннүүр экспертэ.
Сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарынан буоллулар:
«11+» бөлөх:
I миэстэ - Заровняева Аселя, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар үлэлиир «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ, салайааччы Аргунова Ирина Петровна.
II миэстэ - Павлова Сайаана, Алтан орто оскуолатын үөрэнээччитэ, салайааччы Негнюрова Ия Васильевна.
III миэстэ - Охлопкова Александра, «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ , салайааччы Уваровская Александра Васильевна.
«14+» бөлөх:
I миэстэ – Шестакова Сайыына А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар үлэлиир «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ, салайааччы Аргунова Ирина Петровна.
II миэстэ - Саввина Туйаара, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатыгар үлэлиир «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ, салайааччы Аргунова Ирина Петровна.
III миэстэ - Егорова Карина, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ, салайааччылар Сыромятникова Розалия Михайловна, Романова Алена Ивановна, Федорова Тамара Егоровна.
Кытааччылар туоһу суругунан, салайааччылар махтал суругунан наҕараадаланнылар.
Кыттааччыларга уонна кыайыылаахтарга саҥа үлэлэргэ айар иэйиини, сүрүн кыайыылаахха улууспут чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээн кэлэригэр баҕа санаабытын тиэрдэбит!