🤱
Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн чэрчитинэн бүгүн Дьокуускай куоракка элбэх оҕолоох ийэлэри наҕараадалааһын үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.
🏅 Ил Дархан
Айсен Николаев Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ 10 олохтооҕор судаарыстыбаннай наҕараадалар туттарылыннылар. Кинилэр ортолоругар:
🌷
София Петровна ЗАХАРОВА, 10 оҕону төрөтөн дьоһун дьон оҥортообут күн күбэй ийэ, Чыамайыкы нэһилиэгин олохтооҕо, ИЙЭҔЭ ҮРДҮКҮ МАХТАЛ БЭЛИЭТИНЭН наҕараадаланарын туһунан иһитиннэрдилэр.
🌷
Виктория Семеновна АФАНАСЬЕВА, Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтооҕо, 9 оҕо амарах ийэтэ, “ИЙЭ АЛБАН ААТА” 1-кы истиэпэннээх бэлиэнэн наҕараадаланна.
🌷
Сахаяна Робертовна ПАВЛОВА, 7 оҕолоох Моорук нэһилиэгин олохтооҕо, «ИЙЭ АЛБАН ААТА» 3-с истиэпэннээх бэлиэнэн наҕараадаланна.
👏
Элбэх оҕолоох күн күбэй ийэлэри үрдүк наҕараадаларынан истиҥник эҕэрдэлиибит, бары үтүөнү, дьолу-соргуну баҕарабыт!
@gazetaerkeii
@ulusmedia