Майатааҕы «КЭНЧЭЭРИ» оҕону сайыннарар киин


Гео и язык канала: Россия, Казахский
Категория: Семья и дети



Гео и язык канала
Россия, Казахский
Категория
Семья и дети
Статистика
Фильтр публикаций


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Маленькие добрые дела для больших крыльев! 🪽

С 11 по 17 ноября в подготовительных к школе группах прошел очередной событийный проект № 5 «Крылья доброты».

Вместе с героями дидактического рассказа ребята отправились в мир пернатых: познакомились с разными птицами, их повадками и предпочтениями в питании, узнали, как заботиться о природе и помогать тем, кто в этом нуждается.

И по традиции продолжили добрые дела дома: смастерили кормушку вместе с семьей, покормили птиц и понаблюдали за ними. Смотрели мульфильмы на семейном кинозале "Гадкий утенок", "Дюймовочка", "Серая шейка".
Некоторые дети вместе с родителями на семейной мастерской смастерили кормушки, рисовали и делали из бумаги, пластилина птиц.

Проект «Орлята-дошколята» реализуется Российским детско-юношеским центром при поддержке Минпросвещения России.

#Росдетцентр#ОрлятаДошколята#НавигаторыДетства#НавигаторыДетства14#ОрлятаДошколята14


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max


🗓Бүгүн биһиги уһуйааммыт иитээччилэрэ: Слободчикова Т.И., Попова Р.А., Колесова А.Е., Иванова А.Н., Ушницкая А.С., Вырдылина М.Н., Павлов А.Д.,  Харатааҕы “Кэрэчээн” уһуйааҥҥа сыллата ыытыллар улуустааҕы “Фестиваль открытых занятий” кыттаннар бэйэлэрин үлэлэрин уопутун көрдөрдүлэр.

📝Ол курдук түмүккэ,  оҕо этин – сиинин сайыннарыы уобалаһыгар Павлов А.Д. (аҕа сүбэһитэ – Скрябина П.П.) - 1 степеннээх Диплом, оҕо билиитин – көрүүтүн сайыннарыы уобалаһыгар Иванова А.Н. (аҕа сүбэһитэ – Катаева М.И.) – 2 степенээх Диплом, оҕо кэрэни өйдүүр дьоҕурун сайыннарыы уобалаһыгар Вырдылина М.Н., киһи аймах эйгэтигэр киирэн, оҕо сайдыыта, дьоннуун алтыһыыта, бодоруһуу уобалаһыгар Колесова А.Е. – 3 степеннээх Дипломунан наҕараадаланнылар.

💐🍀🌿Күндү коллегаларбытын, бүгүҥҥү ситиһиигитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Иитэр – үөрэтэр үлэҕит өрүүтүн үтүө түмүктэрдээх буоллун. Инникитин өссө үрдүк чыпчааллары дабайаргытыгар баҕарабыт.





Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
УҺуйааммыт үлэтин туҺунан «Саха» НКИХ "Эйгэ" биэриигэ сырдатта


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max

442 1 30



МЭҤЭ-ХАҤАЛАС УЛУУҺУН ОСКУОЛА ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ ОҔОЛОРУГАР «ИдэБил-2026» ЧЕМПИОНАТ
 Сэтинньи 2️⃣күнүттэн сэтинньи 1️⃣3️⃣күнүгэр диэри МКТ «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтата» уонна уонна биһиги уһуйааммыт тэрийэн ыытар, быйыл ахсыс төгүлүн ыытыллар, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго кэтэхтэн “ИдэБил” чемпионат буолла. Чемпионакка 5️⃣- 7️⃣саастаах уһуйаан иитиллээччилэрэ кытталлар. Чемпионат сүрүн сыала: оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору урутаан идэҕэ туһаайан иитии буолар. Улууспут уһунааннарын иитиллээччилэрэ 9 КМО-ттан, 8 компетенциянан күрэхтэстэтилэр. Быйыл чемпионаппыт компетенцияларынан буоллулар:
👩‍🍳«Асчыт»,
👨‍🔧«Мас ууһа»,
🤖«Мобильнай робототехника»,
🎤«Мультимедийнай журналистика», 💇‍♀️«Парикмахер искусствота»,
🧑‍🎨«Декоратор худуоһунньук»,
🪡«Муода уонна дизайн»
👩‍💻 «Прототип оҥоруу».
       Чемпионакка уопсайа 6️⃣8️⃣оҕо кытыыны ылбыта. Биһиги уһуйааммыт иитиллээччилэрэ:
🔴Бурнашева Сайыына «Сулусчаан» бэлэмнэнии бөлөх «Асчыт» компетенцияҕа - 2️⃣миэстэ         
🟠Иванова Нарыйаана «Току-току ньээм ньээм» бэлэмнэнии бөлөх “Парикмахер искусствота” компетенцияҕа - 1️⃣миэстэ
🟡Петров Уолан «Сулусчаан» бэлэмнэнии бөлөх “Мультимедийнай журналистика” компетенцияҕа- 2️⃣миэстэ       
🟢Протопопова Мия  «Сулусчаан» бэлэмнэнии бөлөх «Муода уонна дизайн» компетенцияҕа - 2️⃣миэстэ
🔵Слепцова Аливия 6 с. «Току-току ньээм ньээм» бэлэмнэнии бөлөх «Декоратор худуоһунньук» компетенцияҕа - 1️⃣миэстэ
🟣Соловьева Арина «Сулусчаан» бэлэмнэнии бөлөх “Прототип оҥоруу” компетенцияҕа-1️⃣миэстэ  
🟤Шергин Дьулусхан  «Току-току ньээм ньээм» бэлэмнэнии бөлөх “Мас ууһа” компетенцияҕа -2️⃣миэстэ
Кыайыылаах оҕолору уонна кинилэр салайааччыларын эҕэрдэлиибит!🎉🎉🎉Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!🤞🍀


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
🗓Сэтинньи 14 күнүгэр Россияҕа логопедтар идэлээх күннэрэ бэлиэтэнэр.
🛑Бу күҥҥэ анаан "Оҕобун үөрэтээри үөрэнэбин" диэн уһуйааммыт төрөппүттэригэр аналлаах маҥнайгы логофестиваль ыытылынна. Сөптөөхтүк тыыныыга, тылы эрчийиигэ, тыаһы истэргэ, мэйии үлэтин сайыннарыыга специалистар үс остуолунан сүбэлэри биэрдилэр. Төрөппүттэр бэйэлэрэ илиилэринэн тутан-хабан дьиэҕэ дьарыктанарга сөптөөх оонньуурдары, тренажердары оҥордулар.
🧩🧸🪆Бу күн иитээччилэр тыл сайдыытыгар бэйэлэрин авторскай оонньууларынан быыстапка тэрийэн кэлбит дьон болҕомтотун тартылар. Төрөппүттэр "Кыһынны тыаҕа" остуоруйаҕа тыас-уус тыаһатан, миэстэтигэр ойуулук таҥыллан экраҥҥа көстүбүтүн сүрдээхтик диэн сэҥээрдилэр.
Хас биирдии бэйэлэрэ оҕо буолан үөрэннилэр, саҥаны биллилэр. Маннык тэрээһин төрөппүт оҕотун кытта дьарыктанарыгар улахан көмө буолар.
👫👬Бары бииргэ куолаан үлэлээтэхпитинэ, оҕо саҥата тупсарыгар көдьүүстээх, үтүө түмүктээх буолуо этэ диэн эрэнэбит.


📝Бүгүн, сэтинньи 12 күнүгэр,
Д. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр
«Үрүҥ тугут» диэн оҕо уонна ыччат ускуустубатын бэстибээлин муниципальнай түһүмэҕэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ
🌼«Току-току ньээм-ньээм» 🌼бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ «Дуораанчык» ансаамбылбыт "Арассыыйа мин дойдум" 🇷🇺диэн ырыанан
3-с истиэппэннээх лауреат
(сал. К. К. Семенова), ону тэҥэ 8 үҥкүүһүт кыргыттарбыт «Таба үҥкүүтүнэн» кыттаннар 1-кы истэппэннээх дипломант
(сал. А. С. Ушницкая) буолары ситистибит
🤩👏🏼👏🏼
«Ырыа ыллыгынан» вокал ансамбылын «Сулусчаан» бөлөх кэрэ кыргыттара "Хомус" ырыаны ыллаан 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ситистилэр👏🏻👏🏻👏🏻🤩🤩🤩(сал. К.К. Семенова)
Оҕолорбутугар инникитин саҥа кыайыылары 🏆үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт! Эһиги дьоҕургут уонна айар үлэҕит бэйэҕитигэр да, көрөөччүлэргэ да мэлдьи үөрүүнү эрэ аҕаллыннар!✨✨


🗓УҺуйааммытыгар биир саҥа сүүрээн, "Оҕобун үөрэтээри үөрэнэбин" логофестиваль туҺунан төрөппүттэрбит тус санааларын ааҕын.


📕«Сулусчаан» бэлэмнэнии бөлөх сонуннарыттан.
АҺаҕас аан күннэригэр биҺиги бөлөх төрөппүттэрэ оҕо логическай толкуйугар, ахсаан суоттуу үөрэнэригэр иитээччи Яковлева С.К. «Ахсаан дойдутугар айан» диэн дьарыгын, эбии үөрэхтээһин педагогтара: А.М.Васильева робототехника, фольклор - Иванова Л.Б., бэрт сэргэхтик ыытан көрдөрдө уонна Павлов А.Д чэбдигирии дьарыктарын сэҥээрдилэр.
👫👫Оҕолорбут эбии сайдалларыгар бу ыйтан биһиги уһуйааммытыгар эбии дьарыгынан Сыромятникова Л.Д. оҕолорбутун дуобатка нэдиэлэ5э биирдэ кэлэн дьарыктыыр.
Төрөппүттэрбит оҕолорун кытта элбэх үрдүк таһымнаах үлэһиттэр үлэлииллэрин көрөн сөҕөн-махтайан, үөрэн-көтөн махталларын тиэрдэн тарҕастылар.
Бу курдук сүрдээх тэрээҺиннээхтик АҺаҕас аан күннэрэ түмүктэннилэр.


Уһуйааммытыгар «Аһаҕас аан» күннэрин чэрчитинэн "Тииҥчээн" кыра бөлөх - ахсаан, тыл сайдыыта, ритмика, чэбдигирдии дьарыктарын видеоҕа устан төрөппүттэрбит кэтэхтэн көрдүлэр .
🧮 Ахсаан дьарыгар (иитээччи - Алена Николаевна) оҕолорго «Ахсаан дойдутугар айан» картанан сирдэтэн , геометрическай быҺыылары, сүрүн өҥнөрү уонна "биир-элбэх" диэн ахсааҥҥа билиилэрин чиҥэттилэр.
Дьарыкка уҺуйаан салайааччыта Екатерина Петровна- сырытта👍🤗
📕Тыл сайдыытыгар (иитээччи -Мария Ивановна) «Кыһын» диэн тиэмэлээх дьарыгар оҕолор кыҺын ураты бэлиэтэ «Хаары» аптаах кумааҕыга ойуулаатылар, кумааҕы куукулаҕа кыһыҥҥы таҥаһын таҥыннардылар, кыһын таһырдьа ханнык оонньууну оонньуулларын,тугу гыналларын кэпсэттилэр
🩰Ритмикаҕа (салайааччы - Алена Семеновна) араас көрдөөх музыкаларынан үҥкүү хамсаныыларын оҕолорбут олус кыҺаллан оҥордулар.
🤾 Чэбдигирдии дьарыгар (салайааччы-Андрей Дмитриевич) эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥордулар, сүрүн хамсаныы- тутуспакка аата мэһэйи туораан ыскамыайкаҕа сытан илиилэринэн тардынан сыҕарыйа үөрэннилэр.

🤗Күндү төрөппүттэрбит, ыытыллыбыт видеолары, хаартыскалары көрөн уҺуйааммытыгар, чуолаан бөлөхпүтүгэр оҕону иитии-сайыннарыы үлэтэ хайдах баран иҺэрин сыаналыаххыт, тус санааларгытын аллараа комментарийга суруйуоххут диэн эрэнэбит🤗🤗🤗✊✊✊





"Куобахчаан" кыра бөлөхтөр - ахсаан, тыл сайдыыта, ритмика дьарыктарын төрөппүттэрбитигэр анаан видеоҕа устан кэтэхтэн көрдөрүүнү тэрийдибит.
🧮Ахсаан дьарыгар (иитээччи - Екатерина Прокопьевна) оҕолор куобахчааҥҥа көмөлөҺөн геометрическай быҺыылары, сүрүн өҥнөрү уонна "биир-элбэх" диэн ахсааҥҥа билиилэрин чиҥэттилэр👍🤗 Куобахчаан бэлэхтээбит дьиэтээҕи сорудаҕын тутан үөрдүлэр-көттүлэр😍😍😍 Дьарыкка уҺуйаан сүрүннүүр иитээччитэ - Саргылана Гаврильевна сырытта👍🤗
📕Тыл сайдыытыгар (иитээччи -Сардана Алексеевна) хартыынанан үлэҕэ оҕолор кыҺын туҺунан кэпсэттилэр, "Саҥа хаар" хоҺоону билсэн тылларын баайын хаҥаттылар. Тымныы Моруос оҕонньор хаалларан барбыт дьиҥнээх хаарын күн устата кэтээн көрдүлэр. Кини аптаах кистэлэҥ бэлэҕэ эмиэ дьиэтээҕи сорудахтаах буолан биэрдэ😉🤗
🧚Ритмикаҕа (салайааччы - Алена Семеновна) араас көрдөөх музыкаларынан үҥкүү хамсаныыларын оҕолорбут олус кыҺаллан оҥордулар.
📍Маны таҺынан биирдиилээн төрөппүттэрбит: логопед - Сардана Серафимовна, психолог - Елена Аркадьевна, тьютордар - Алена Васильевна, Марианна Николаевна ыытар анал дьарыктарын кэлэн көрөн-истэн, "дьиэ усулуобуйатыгар оҕобун кытта өссө хайдах эбии дьарыктанабын?"- диэн ыйытыыга эппиэттэри, туҺалаах сүбэлэри ылбыттара хайҕаллаах👍👍👍
👋👋👋Күндү төрөппүттэрбит, ыытыллыбыт видеолары, хаартыскалары көрөн уҺуйааммытыгар, чуолаан бөлөхпүтүгэр оҕону иитии-сайыннарыы үлэтэ хайдах баран иҺэрин сыаналыаххыт, тус санааларгытын аллараа комментарийга суруйуоххут диэн эрэнэбит🤗🤗🤗✊✊✊


«Кустукчаан»орто бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарыктар былааннаахтык, сэргэхтик аастылар. Барыта 12 төрөппүт, 2 уһуйаан педагогтара көрдүлэр-иһиттилэр😀✊🏼👏🏼

⚽️ 🏃🏃‍♀️Чэбдигирии дьарыга (физинструктор Андрей Дмитриевич)
🧮 ➕🟰Ахсаан дьарыга (иитээччи Людмила Валерьевна)
👩‍🏫 🗣️логопед дьарыга (учуутал-логопед Вера Афанасьевна)
🎶🎹🎵Иэйии дьарыга (музыкальнай салайааччы Наталья Васильевна)
🗣️🧩🖼️Тыл сайдыытын дьарыга (иитээччи Раиса Анатольевна)

Оҕолорбут улаатан олус интэриэстээхтик, көхтөөхтүк дьарыктаннылар, билиилэрин, сатабылларын көрдөрдүлэр, көхтөөхтүк кыттан үөрэ-көтө оонньоотулар🤩😍👏🏼


Сэтинньи ый 10-11 күннэригэр уһуйааммытыгар аһаҕас аан күннэрэ:
📍10.11
📖Тыл сайдыыта Евгения Егоровна. Оҕолор анал эрчиллиилэри оҥордулар, оонньуу нөҥүө тылларын саппааһын байыттылар,саҥаларын сайыннардылар.
🎼Иэйии Наталья Васильевна.
🩰Үнкүү Алена Семеновна.
📍11.11
🧮Ахсаан дьарыга Сардана Станиславовна. Оҕолор араас толкуйдатар сорудахтары толордулар.
📚Логопед -Вера Афанасьевна, оҕо тылын-өһүн сайыннарар дьарык.
🎨Уруһуй Мира Назаровна, "ойууну ситэр»
Оҕолор икки күн устата көхтөөхтүк кытыннылар, уопсайа 14 төрөппүт кэлэн көрдүлэр, төрөппүттэр дьарыктары көрөн астынан, эбии дьиэҕэ дьарыктанарга тэттик сүбэлэри ылан бардылар🤗
Төрөппүттэрбитигэр бириэмэҕитин анаан кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт🤗

241 1 27

📝Сэтинньи 10, 11 күннэригэр, уһуйааммытыгар төрөппүттэргэ аналлаах 2 күннээх "Аһаҕас аан күннэрэ" буоллулар.
👫”ДЬЭРЭКЭЭН О5ОЛОР”🌈🌈🌈улахан бөлөххө уопсайа 12 төрөппүт о5олорун кытта тэҥҥэ дьарыктарга көхтөөх кыттыыны ыллылар.
🧮 Ахсаан дьарыга иитээччи Новгородова В.И
✍️«Сурукка бастакы хардыылар» иитээччи Колесова А.Е
📚«Логопед» дьарыга Алексеева С.С
⚽️«Чэбдигирии» инструктор Павлов А. Д.
📋 «Мультстудия». Санникова Н.С
👯‍♀️ «Үҥкүү» Ушницкая А.С дьарыктары ыыттылар.
Ону таһынан интириэһиргиир боппуруостарынан логопед Сардана Серафимовнаҕа биирдиилээн киирэн сүбэ ыллылар.
Оҕолор уһуйааҥҥа куннээҕи дьарыктарга хайдах сылдьалларын, туохха үөрэтэллэрин, болҕомто ууран кэлэн көрбүт төрөппүттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит.
📢Күндү төрөппуттэрбит дьарыктар тустарынан тус санааларгытын аллараа👇 коментарийга суруйаргытын күүтэбит🙌


🗒Бүгүн "Туллуктар" кыра бөлөх оҕолоругар «Ахсаан дойдутугар» диэн тиэмэлээх ахсаан аһаҕас дьарыга олус көхтөөхтүк буолан ааста.
Дьарык кэмигэр кырачааннар өҥнөрү дьүөрэлээн, геометрическай быһыылары сөпкө ууран, биир уонна элбэх диэн ахсаан ааҕан билиилэрин хаҥаттылар. Ыйытыыларга көхтөөхтүк хоруйдаатылар.
👶👧🧑Кырачааннар дьарык кэмигэр болҕомтолоохторун уонна көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр, дьарыктар олус сэргэхтик уонна истиҥ эйгэҕэ түмүктэннилэр!
🧑‍🧑‍🧒‍🧒📱📸Төрөппүттэрбит куйаар ситимин нөҥүө оҕолор дьарыкка хайдах кытталларын уонна билиилэрин көрөн махтаннылар 👏🏻👍🏼

Показано 20 последних публикаций.