Дмитрий Федотович Алексеев - Нам улууһун бастакы баһылыга, “Нам” сопхуос дириэктэринэн үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн”, «Бочуот знага» орден кавалера, сэбиэскэй потребительскай кооперация уонна РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үс күннээх тэрээһиннэр Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолатыгар саҕаланнылар.
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, үһүс төгүлүн ыытыллар улуустааҕы "Алексеев ааҕыылара" научнай-практическай кэмпириэнсийэ биэс хайысханан ыытылынна:
1 хайысха - «Д.Ф. Алексеев и развитие системы образования в Намском улусе»
2 хайысха - «Гордость Намской земли в именах»
3 хайысха - «Современное село: лучший опыт развития»
4 хайысха - «Роль совхоза «Намский» в развитии наслегов (1 Хомустах, Едейцы, Партизан, Тастах)
5 хайысха - «Маяки совхозного производства».
Д.Ф. Алексеев төрөөбүтэ 90 сылыгар, И.Е. Винокуров 130 сылыгар уонна Нам улууһугар үөрэхтээһин тиһигэ тэриллибитэ 155 сылыгар аналлаах "Алексеев ааҕыыларыгар" уопсайа 11 оскуолаттан 47 үөрэнээччи 44 дакылаатынан көхтөөх кыттыыны ылла. Кэмпириэнсийэ чинчийэр үлэ нөҥүө оҕо айар, ырытар, анаарар дьоҕурун сайыннарар сыаллаах тэрилиннэ.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар эҕэрдэ тылы эттилэр:1 Хомустаах орто оскуолатын дириэктэрэ Атласова Ульяна Павловна,
Д.Ф. Алексеев олоҕун аргыһа Алексеева Галина Георгиевна.
Таастаах ситэтэ суох орто оскуолатын дириэктэрэ Горохов Егор Николаевич Галина Георгиевнаҕа сибэккини уонна бэлэҕин туттарда.
Дьүүлүүр сүбэ чилиэннэрэ кыттааччылар үлэлэрин дириҥ ис хоһоонноохторун, аныгы кэмҥэ тоҕоостоохторун уонна оҕолор дакылааттарын итэҕэтиилээхтик көмүскээбиттэрин бэлиэтээтилэр. Кэмпириэнсийэ бары кыттааччыларыгар туоһу суруктар, оттон кыайыылаахтарга добун суруктар, анал бириистэр туттарылыннылар.
1 хайысха:
Анал бириис - Макаров Лев, Затон ситэтэ суох орто оскуолата, 6 кылаас
3 миэстэ - Заровняев Айхал, 1 Хомустаах орто оскуолата, 5 кылаас
2 миэстэ - Васильева Сайаана, 1 Хомустаах орто оскуолата, 6 кылаас
1 миэстэ - Аргунова Полина, 1 Хомустаах орто оскуолата, 4 кылаас
2 хайысха:
Анал бириис - Александрова Рада, Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лиссиэй, 10 кылаас,
3 миэстэ - Никитин Рустам, Никольскайдааҕы алын сүһүөх оскуола, 3 кылаас,
3 миэстэ - Винокуров Валера, 1 Хомустаах орто оскуолата, 10 кылаас,
2 миэстэ - Рожина Виктория, 1 Хомустаах орто оскуолата, 5 кылаас,
2 миэстэ - Васильев Арылхан, Намнааҕы гимназия, 6 кылаас,
1 миэстэ - Григорьева Вилена, Нам 3 нүөмэрдээх оскуолата, 4 кылаас,
1 миэстэ - Муксунов Эрчим, Попов Уран, Хамаҕатта орто оскуолата, 7 кылаас.
3 хайысха:
3 миэстэ - Градов Артем, Үөдэй орто оскуолата, 11 кылаас,
2 миэстэ - Евченко Лев, 1 Хомустаах орто оскуолата, 6 кылаас,
1 миэстэ - Куличкина Светлана, Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лиссиэй, 10 кылаас.
4 хайысха:
3 миэстэ - Лиханова Амелия, 1 Хомустаах орто оскуолата, 8 кылаас,
2 миэстэ - Шелехова Лена, Таастаах ситэтэ суох орто оскуолата, 7 кылаас,
1 миэстэ - Артемьева Ирена кылаас, Аргунова Нарыйа 4 кылаас, Таастаах ситэтэ суох орто оскуолата.
5 хайысха:
Анал бириис - Сивцев Марат, 1 Хомустаах орто оскуолата,
3 миэстэ - Аргунова Күннэй, 1 Хомустаах орто оскуолата, 4 кылаас,
2 миэстэ - Сивцева Күннэй, 1 Хомустаах орто оскуолата, 7 кылаас
1 миэстэ - Аргунов Арсен, Таастаах орто оскуолата, 5 кылаас.
Кэмпириэнсийэ кыайыылаахтарын бэлиэтииргэ нэһилиэкпит 16 тэрилтэтэ көмө оҥордулар, ол иһигэр 3 анал бирииһи туттардылар:
- СПоК "Илгэ Хотун" салайааччыта - Сивцева Ольга Валерьевна,
- "Эйгэ" 1 Хомустаах нэһилиэгин саҥа көлүөнэ модельнай библиотекатын салайааччыта - Жиркова Надежда Дмитриевна,
- Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолата.
Бүгүҥҥү "Алексеев ааҕыылара" кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар, кыайыылаахтарыгар, кинилэр салайааччыларыгар тэрийэр бөлөх аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Инникитин даҕаны төрөөбүт дойдубут сайдарын туһугар үлэлиир, нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэр уонна саҥа бырайыактары толкуйдуур эдэр чинчийээччилэр ахсааннара элбии, үлэлэрин таһыма үрдүү турарыгар баҕарабыт.
1 Хомустаах орто оскуолатын пресс-киинэ