Репост из: Неизвестно
Дмитрий Федотович Алексеев төрөөбүт күнүгэр — "Оскуола күнэ"
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, оскуолабытыгар улахан бырааһынньык — Дмитрий Федотович Алексеев төрөөбүт күнэ, оскуола күнэ. Бу сыл кини 90 сааһын туолар.
Бүгүн күммүт кылаас чаастарыттартан саҕаланна: 1-11 кылаас салаайааччылара Дмитрий Федотович олоҕун билиҺиннэрдилэр. Саҥаттан саҥа көлүөнэ тахсан иҺэр буолан, маннык кылаас чаастара наадалаахтар.
Үөрүүлээх линейка буолла. Онно оскуола директора Атласова У.П., нэһилиэкпит баһылыга Жирков В.Г. уонна Дмитрий Федотович олоҕун аргыһа Алексеева Г.Г. оҕолору эҕэрдэлээтилэр уонна кини туһунан кэпсээтилэр. Тыйаатыр-түһүлгэ иитиллээччилэрэ «Хомустаах Ньургуннара» Д.Ф. Алексеев туһунан хоһооннорунан ааҕан иһитиннэрдилэр. Онтон 90 сааһыгар аналлаах «Сүбэ-соргу» кинигэ презентацията буолла. Бу кинигэҕэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар оҕолор уонна выпускниктар анабыл хоһоонноро, ону тэҥэ араас сылларга оскуоланы бүтэрбит выпускниктар ыстатыйалара киирбиттэр. Бу кинигэни хомуйан оҥордулар, таһаардылар саха тылын уонна литературатын учуутала Томская А.А. уонна оскуола педагог-библиотекаря Константинова Л.Г.
Линейкаҕа директоры үөрэх өттүнэн солбуйааччы Олесова Е.Н. Всероссийскай олимпиадалар школьнай этапка кыайбыт уонна призёр буолбут оҕолору бэлиэтээтэ.
Линейка кэнниттэн үгэс быҺыытынан Алексеев фойетыгар кини сырдык мөссүенүн санатар бюстка тыыннаах сибэккилэри уурдулар: оскуола директора Ульяна Павловна, нэҺилиэк баҺылыга Василий Гаврильевич, Галина Георгиевна уонна бастыҥ үөрэнээччи Шарапов Сайдам.
Онтон эбиэттэн киэһээ Нам Култууратын ДыбарыаҺыгар ахтыы мунньаҕар кыттыстыбыт: оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэҺиттэрэ. Уонна «Сөдүөтэбис» диэн испиктээкили көрдүбүт, биҺирээтибит. Бу спектакльга 4 оскуола үлэҺитэ уонна 12 үөрэнээччи кыттыбытын бэлиэтиибит.
Дмитрий Федотович Алексеев курдук ытык киһи аатын үйэтитии — бу оскуола эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэк түмсүүтүн, утум салҕааһынын бэлиэтэ. Кини олоҕо, үлэтэ, оҕолорго сыһыана — барыбытыгар холобур. Маннык тэрээҺиннэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахтыллар, үтүө үгэс буолан олохсуйан хаалыа диэн эрэнэбит.