Сэтинньи 12 күнүгэр үөрэнээччилэргэ ох саанан ытыыга Республиканскай турнир буолан ааспыта. Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Ол курдук, 2015 с. уонна онтон кыраларга Попов Ян (5 кыл.) 2 миэстэни ылары ситистэ, 1 юн.разряд. 2009 с. уонна онтон кыра саастаахтарга Бандеров Александр (11кыл.) 3 миэстэни ылары ситиспитэ. Оҕолору кыайыыларынан эҕэрдэлиибит, өссө инники диэки хардыылаан иһэргитигэр баҕарабыт👏👏👏
Сэтинньи 15 күнүгэр ох саанан ытыыга улахан дьоҥҥо Бандеров Владислав Геннадиевич кыттыыны ылан 3 миэстэни Республиканскай турнирга ылары ситистэ. Эҕэрдэлиибит, өссө да кыайыы хотуу кэлэ турдун, ол туһугар күүстээх, дьаныардаах бэлэмнэниилэри, түмсүүнү✊✊✊