МБОУ "Хатынская СОШ имени Н.И. Прокопьева»


Гео и язык канала: Россия, Русский
Категория: Образование


Добро пожаловать в официальную страницу МАХ Хатынской школы имени Николая Ивановича Прокопьева👋🏼Здесь мы рады делиться с вами с самыми актуальными новостями деятельности нашей любимой школы📰😍
Будьте с нами🙌🏻
VK - https://vk.com/khatyschool
Официальный сайт - https://nyr-hats.obr.sakha.gov.ru/

Связанные каналы

Гео и язык канала
Россия, Русский
Категория
Образование
Статистика
Фильтр публикаций


Бүгүн оскуолабытыгар быйылгы үөрэх-дьылын аан мааҥнайгытык экзээмэн диэни билэр көрөр 9-с кылаас үөрэнээччилэригэр анаан химия уонна физика предметтэригэр «Своя игра» диэн олус интэриэһинэй интеллектуальнай викторина буолан ааста👏👍🏻

Тэрээһини физика учуутала Иннокентий Афанасьевич уонна химия учуутала Василий Алексеевич үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыыттылар😍

Оонньуу быраабылатынан оҕолор бэйэлэрин билиилэринэн, өйдөрүн сытыытынан күрэхтэстилэр: кинилэр хайа тиэмэни уонна ханнык сыаналаах боппуруоһу талалларын бэйэлэрэ быһааран, сөптөөх эппиэти биэрэн эбии очко хомуннулар. Маннык формат үөрэнээччилэр толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарар, предметтэргэ интэриэстэрин өссө күүһүрдэр уонна хамаанданан үлэлиир сатабылларын чиҥэтэр.

Күрэх олус көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык уонна сэргэхтик ааста. Оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин тургутан, үгүс саҥаны биллилэр, бэйэлэрин кыахтарын көрдөрдүлэр👍🏻

Инникитин да маннык өйү-санааны сайыннарар тэрээһиннэр үгэскэ кубулуйан ыытылла турдуннар🙏🏻

Үөрэнээччилэрбитигэр уонна учууталларбытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт
☺️🙌🏻


«Саамай көхтөөх сурутааччыбыт» куонкурус кыайыылааҕа минньигэс бэлэҕин тутта🎁✨

Соторутааҕыта биһиги оскуолабыт мессенджер-ханаалыгар (MAX) сурутааччыларбыт ортолоругар «Саамай көхтөөх сурутааччыбыт» диэн сэргэх сүүйүүлээх оонньууну ыыппыппыт🤩🙌🏻Кыайыылаахпытынан биһиги оскуолабыт олоҕун-дьаһаҕын мэлдьи сэҥээрэ, өйүү олорор күндү доҕорбут тахсыбыта☺️
Саамай үөрүүлээҕэ уонна соһуччута диэн — кыайыылаахпыт биһиги оскуолабытыттан ыраах, дьоллоох Дьокуускай куорат туонатыгар олорор эбит
☺️Ону ааһан, кини биһиги оскуолабытын кытта ыкса ситимнээхтик уонна таһаарыылаахтык бииргэ үлэлиир, оскуолабыт сонунун бүтүн өрөспүүбүлүкэ иһинэн тарҕатар улахан тэрилтэ — Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын (ГАУ РС(Я) «Детское издательство «Кэскил» им. Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа») үлэһитэ буолан биэрдэ👏

Бу күннэргэ оскуолабыт аатыттан ыытыллыбыт минньигэс, сэмэй бэлэхпит Дьокуускай куоракка тиийэн, хаһаайынын булла
👏

Кыайыылаахпыт бэлэҕи тутан олус үөрэн-көтөн, истиҥ-иһирэх махтал тылларын ыытта:
«Улахан махтааал! Сүүйүүбүн туттум
😍😍😊😊👏🏻👏🏻 Салгыы маннык көхтөөх, айар-тутар оскуола буолан, оҕолоргутугар үтүө аартык, холобур буола тураргытыгар баҕарабын 😊👏🏻 Бииргэ үлэлиир дьоммун кытта мантан олорон кыайыыларгытын тэҥҥэ үллэстэбит, сыралаах үлэҕитин бэлиэтиибит 👏🏻 Өссө төгүл махтал куонкурус уонна соһуччу, долгутуулаах кыайыым иһин 😄👏🏻»

Бу курдук ыраахтан да буоллар, биһиги оскуолабыт ситиһиилэрин тэҥҥэ үллэстэр, үлэбитин-хамнаспытын сыаналыыр уонна өйүүр доҕоттордоохпутуттан олус үөрэбит уонна киэн туттабыт
🙌🏻«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кэлэктиибигэр уонна кыайыылаахпытыгар үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт👏

Биһиги ханаалбытыгар сурутуҥ, сонуннарбытын сэргээн ааҕыҥ уонна маннык оонньуулары ханаалбытыгар өссө күүтэр буоллаххытына араас реакцията бу сурук анныгар хаалларыҥ
☺️🙏🏻

Кэлэр куонкурустарга көхтөөхтүк кыттыҥ
☺️✊🏼


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
«Рюкзага суох күн»: оскуолаҕа үөрүү, күлүү уонна айар дьоҕур күнэ🎒💼

Бүгүн Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар күннээҕи үөрэх уруккутуттан олох атыннык, олус сэргэхтик уонна соһуччутук саҕаланна🤩Оскуола үрдүнэн үөрэнээччилэр күүтүүлээх «Рюкзага суох күннэрэ» (День без рюкзаков) үрдүк таһымнаахтык уонна көхтөөхтүк ааста👍🏻Бу ураты аахсыйа сүрүн усулуобуйата боростуой, ол эрээри олус интэриэһинэй — оҕолор күн аайы сүгэр оскуола рюкзактарын, портфелларын уонна суумкаларын дьиэлэригэр хаалларан баран, үөрэх тэриллэрин ханнык баҕарар атын, соһуччу малга уган кэлиэхтээхтэр🤩
Сарсыарда оскуола боруогун атыллаабыт хас биирдии киһи сөҕүү-махтайыы бөҕө буолла
☺️🙌🏻Биһиги үөрэнээччилэрбит фантазиялара, айар дьоҕурдара уонна сытыы өйдөрө муҥура суоҕун өссө төгүл дакаастаатылар. Оскуола көрүдүөрдэринэн уонна кылаастарынан хаама сылдьан, киһи хараҕа үөрэр хартыыналарын көрүөххэ сөп этэ: Кыра уонна улахан айан чемоданнара, ас-үөл таһар пластик корзиналар, араас дьэрэкээн пакеттар уонна бэл диэтэр оҕо оонньуур коляскалара, массыыналара бааллара уонна бэл диэтэр матаһыыкыл корзинатын туһаммыттар👍🏻

Хас биирдии көрүс кэнниттэн оскуола көрүдүөрэ күлүү-үөрүү саҥатынан туолла. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта хаартыскаҕа түһэн, ким тугу толкуйдаан аҕалбытын сэҥээрэн көрдүлэр, сүбэ-ама ыллылар. Бу күн учууталлар да, оскуола үлэһиттэрэ да туора турбатылар — кинилэр оҕолор ураты толкуйдарын хайҕаан, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр, үтүө туруктаах уруоктары ыыттылар
👍🏻

Маннык сэргэх тэрээһиннэр күннээҕи үөрэх түбүгүн чэпчэтэллэр, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннараллар уонна оскуола кэлэктиибин өссө түмэллэр. Кылаас иһигэр истиҥ сыһыан олохтоноругар, үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин атын өттүттэн арыйалларыгар улахан көмөлөөхтөр
🙏🏻
Бу күнү өйөөн, олус көхтөөхтүк кыттыбыт бары үөрэнээччилэрбитигэр уонна оҕолорун ураты толкуйдарын өйөөбүт, дьиэтээҕи малларын «уларсыбыт» күндү төрөппүттэрбитигэр оскуола аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит
😍🤝

Биһиги иннибитигэр өссө да элбэх интэриэһинэй, соһуччу уонна умнуллубат күннэр күүтэллэр
☺️


Олоҥхо күнүн көрсө — өй-санаа, билии-көрүү күрэҕэ😍

Саха омук сүдү баайын, өбүгэбит үйэлэри уҥуордаан кэлбит улуу айымньытын — Олоҥхо күнүн көрсө, биһиги оскуолабыт улахан кылааһын үөрэнээччилэригэр олус сэргэх уонна дириҥ ис хоһоонноох квиз-викторина ыытылынна🙌🏻

Бу тэрээһини үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытарга И.Я. Танхаров аатынан Култуура киинин үлэһиттэрэ күүс-көмө, тирэх буоллулар. Кинилэр бэлэмнээбит ыйытыылара оҕолор олоҥхо эйгэтин төһө дириҥник билэллэрин, толкуйдуур дьоҕурдарын уонна түргэнник быһаарынар сатабылларын тургутан көрдүлэр👍🏻

Оҕолор хамаанданан арахсан, сахалыы куту-сүрү уһугуннарар ааттары ылынан, тыҥааһыннаах киирсиигэ кытыннылар. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар:
• 1 миэстэ — «Бухатыыр» хамаанда (билиитигэр эрэллээх, сытыы өйдөөх бастыҥнар);
• 2 миэстэ — «Олоҥхо» хамаанда (уус-уран тылы баһылаабыт, дириҥ билиилээх оҕолор);
• 3 миэстэ — «Дойду» хамаанда (төрөөбүт дойдуларын култууратын уонна үгэһин чиэстээхтик көмүскээччилэр).

Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт И.Я. Танхаров аатынан Култуура киинин үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит🤝

Ыччаты төрүт култуураҕа угуйар маннык үтүө үгэс салҕана турдун, кэнчээри ыччаппыт өбүгэтин улуу нэһилиэстибэтин үрдүктүк тута сырыттын
✊🏼


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Олоҥхо күнүн көрсө алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Салгыы уруһуйдаа» диэн айар дьарык ыытылынна😍🤩

Өбүгэлэрбит үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит сүдү баайдара, киһи аймах чулуу айымньыта — Олоҥхо күнүн көрсө, оскуолабыт алын сүһүөх кылааһын (1, 2, 3, 4 кылаас) үөрэнээччилэригэр «Салгыы уруһуйдаа» диэн дириҥ ис хоһоонноох, сэргэх айар дьарык ыытылынна👍🏻

Бу тэрээһин сүрүн сыала — үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин уонна уус-уран кэрэтин иҥэрии, олоҥхо алыптаах дойдутун нөҥүө оҕолор толкуйдуур, айар-тутар дьоҕурдарын арыйыы буолар🙏🏻Үөрэнээччилэр олоҥхо ис хоһоонун, үс дойду тутулун, күүстээх-уохтаах бухатыырдар уонна кэрэ куолар уобарастарын бэйэлэрэ хайдах көрөллөрүнэн, истэллэринэн уонна сүрэхтэринэн ылыналларынан сиэттэрэн, салгыы уруһуйдаан көрдөрдүлэр🙌🏻

Хас биирдии оҕо үлэтэ бэйэтэ туспа тыыннаах, ураты эйгэлээх. Оҕо ыраас дууһатыттан, баай фантазиятыттан тахсыбыт өҥнөр олус чаҕылхайдар, оттон ойууламмыт уобарастар ис сүрэхтэн оҥоһуллубут буоланнар, киһи хараҕын үөрдэллэр, дууһатын сылаанньыталлар☺️Кырачаан уруһуйдьуттар бары да олус кыһаллан, олоҥхо дьикти эйгэтигэр уйдаран туран айбыттара-туппуттара уруһуйдарыттан тута көстөр😍

Күндү үөрэнээччилэрбитин, төрөппүттэри уонна оскуолабыт ыалдьыттарын кырачааннарбыт айар үлэлэрин көрөргүтүгэр, сэргииргитигэр ыҥырабыт❤️
Маннык тэрээһиннэр оҕо төрүт култууратыгар тапталын күүһүрдэллэр, айар кутун уһугуннараллар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо
☺️


Результаты розыгрыша🎉

Победители, выполнившие все условия участия:
• Юлия Хомподоева

Розыгрыш создан с помощью randomize_bot


Күндү доҕоттор, биир дойдулаахтар! 🌾✨

Биһиги төрөөбүт-үөскээбит Хатыыбыт дэриэбинэтэ билигин дэриэбинэлэр икки ардыларынааҕы видео-күрэххэ кытта сылдьар😍Бу күрэххэ кыайыыны ситиһэрбит хас биирдиибит өйөбүлүттэн быһаччы тутулуктаах.
Хатыыбыт кэрэ айылҕатын, үлэһит-үтүө дьонун бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник көрдөрүөҕүҥ, дойдубут аатын дорҕоонноохтук ааттатыаҕыҥ✊🏼
Манна киирэн Хатыы туһугар куоластааҥ:
👉 https://max.ru/ulusmedia/AaIQRbcYIA0

Куоластыырга олус судургу:
1. Үөһэ ыйыллыбыт ссылканан киириҥ.
2. Тиһиктэн «Жизнь в селе» Хатынская СОШ им. Н.И. Прокопьева Нюрбинский улус село Хаты диэни булан куоластааҥ.
3. Бу биллэриини чугас дьоҥҥутугар, доҕотторгутугар ыытан тарҕатыҥ🙏🏻

Биир сомоҕо буоламмыт, төрөөбүт дойдубут туһугар куоластыаҕыҥ! Хатыыбыт инники күөҥҥэ тахсарыгар эн куолаһыҥ олус наада🙏❤️


Эдэр учууталлар күрэхтэрин бастакы нэдиэлэтэ — бастакы түһүмэх — этэҥҥэ түмүктэннэ☺️👏

Бу түһүмэххэ кыттааччылар 30 мүнүүтэлээх аһаҕас уруоктары ыыттылар. Эдэр исписэлиистэр бары олус сэргэх, интэриэһинэй уруоктары бэлэмнээн, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдүлэр, үрдүк сыанабылы ыллылар👏

Бастакы түһүмэххэ ыытыллыбыт аһаҕас уруоктар тиэмэлэрэ:
• Данилов Д.А. — «Намыһах старт. Спринтерскай сүүрүү» («Низкий старт. Спринтерский бег»);
• Заборовская В.Я. — «Көнө, сытыы, модьу уонна тэнийбит муннуктар» («Прямой, острый, тупой и развернутый углы»);
• Данилов В.А. — «Хаан састааба: киһи уонна баҕа эритроциттара» (лабораторнай үлэ) («Состав крови: лабораторная работа на тему "Эритроциты человека и лягушки"»);
• Архипов И.А. — «Арассыыйа 1533–1547 сылларга» («Россия в 1533–1547 гг.»);
• Иванова А.В. — «Фразеологизмнар» («Фразеологизмы»);
• Данилова Е.А. — «Тыл дьиэ кэргэнэ — уруулуу тыллар» («Семья слов — родственные слова»).

Аны билигин күрэх иккис нэдиэлэтэ саҕаланна👏Манна учууталлар «Бастыҥ төрөппүт мунньаҕа» («Лучшее родительское собрание») диэн иккис түһүмэххэ күөн көрсүөхтэрэ🤝

Күндү төрөппүттэр☺️Эдэр учууталларбытын өйөөн, бу тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөхтүк кыттаргытыгар уонна сыаналыыргытыгар ыҥырабыт🙏🏻


Репост из: Рособрнадзор
Выпускники могут выбрать предметы, по которым будут сдавать единый государственный экзамен (ЕГЭ), на Госуслугах. Подать заявление нужно до 1 февраля.

Определиться с экзаменами поможет сервис «Подбор вуза». В нём можно выбрать направление обучения, найти вузы с нужной специальностью и узнать, какие предметы ЕГЭ потребуются для поступления.

📝 Кто может записаться на ЕГЭ
✔️ Выпускники этого года и экстерны
✔️ Выпускники прошлых лет
✔️ Студенты колледжей и учащиеся иностранных школ, которые уже получили среднее общее образование или завершат его в этом учебном году

📝 Кто может подать заявление
🔹 Сам участник — потребуется подтверждённая учётная запись на Госуслугах
🔹 Родитель или законный представитель — за несовершеннолетнего ребёнка

ЕГЭ и ГВЭ
Люди с ограничением по здоровью и выпускники колледжей вместо ЕГЭ могут выбрать государственный выпускной экзамен (ГВЭ) или сочетать обе формы экзаменов. При подаче заявления им будет доступен выбор формы экзамена.

О сервисе
Сервис записи на ЕГЭ запустили на Госуслугах в прошлом году в 20 пилотных регионах. В этом году он доступен уже в 53 регионах.

➡️ Подать заявление на ЕГЭ


Үтүө күнүнэн күндү Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын МАХ сыһыарыытын сурутааччылара, сарсын ол эбэтэр сэтинньи 25 күнүгэр саамай көхтөөх сурутааччы диэн ситим нөҥүө күрэхпит түмүгэ биллиэхтээх, онон ким кытта илик күрэс балаһыанньатын ааҕан баран кыттарга ыҥырабыт🙏🏻


Анемиподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах видео күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтары наҕараадалаатыбыт☺️👏

Бүгүн биһиги улуу суруйааччыбыт Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах видео күрэх кыайыылаахтарыгар туоһу суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт🤝

Күрэх түмүгүнэн бөлөхтөрүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:
• Улахан бөлөххө: 9-с кылаас (кылаас салайааччыта — Данилов Василий Алексеевич).
• Кыра бөлөххө: 1-кы кылаас (кылаас салайааччыта — Васильева Анастасия Семеновна).

Кыайыылаахтары уонна кинилэр салайааччыларын ситиһиилэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит👍🏻Саха литературатын, төрөөбүт тыл кэрэтин үйэтитиигэ кылааккытын киллэрбиккитигэр махтанабыт🙏🏻Өссө үрдүк ситиһиилэри, айар аартыккыт арыллан иһэригэр баҕарабыт✊🏼



Репост из: 📚МИНОБРНАУКИ ЯКУТИИ
⚠️В связи со случаем проникновения группы подростков на охраняемый военный объект в Якутске Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия) обращает внимание родителей и педагогов на необходимость усиления профилактической работы с несовершеннолетними.

Интерес подростков к сталкерству, диггерству и исследованию заброшенных сооружений не должен перерастать в опасное поведение. Самовольное проникновение на военные, охраняемые и другие закрытые объекты недопустимо. Такие действия могут представлять серьёзную угрозу жизни и здоровью несовершеннолетних, а также повлечь правовые последствия.

Особого внимания требует безопасность детей в интернете. Социальные сети, мессенджеры и другие онлайн-платформы могут использоваться для вовлечения подростков в опасные действия и противоправную деятельность.


🔹Министерство рекомендует родителям:
▫️интересоваться увлечениями детей, их кругом общения и активностью в интернете;
▫️обращать внимание на подозрительные предложения, переписку и призывы к совершению опасных действий;
▫️объяснять детям, почему нельзя без разрешения посещать охраняемые и закрытые территории;
▫️поддерживать доверительные отношения, чтобы ребёнок не боялся рассказать взрослым о сомнительных предложениях, переписке или опасных ситуациях.

Педагогам необходимо усилить разъяснительную и профилактическую работу с обучающимися, уделяя внимание личной безопасности, правовой грамотности и ответственному поведению в цифровой среде.

Уважаемые родители! Интересуйтесь не только школьными делами детей, но и тем, чем они занимаются в свободное время, с кем общаются и какие интернет-ресурсы посещают. Разговаривайте с ними об угрозах, учите распознавать опасные предложения и обращаться за помощью к взрослым.

☝🏻Безопасность детей начинается с внимания и доверия. Своевременный разговор может помочь предотвратить опасную ситуацию.


Улахан кылаас актыбыыс оҕолоро кырачаан бырааттарыгар, балтыларыгар «Үтүө санаа уонна куттала суох буолуу уруоктара» диэн тиэмэнэн остуоруйа аахтылар🧸

Биһиги оскуолабыт улахан кылааһын актыбыыс үөрэнээччилэрэ кырачаан бырааттарыгар, балтыларыгар анаан «Үтүө санаа уонна куттала суох буолуу уруоктара» диэн дириҥ ис хоһоонноох, олус туһалаах тэрээһини ыыттылар😍

Көрсүһүү сүрүн сыалынан оҕолорго остуоруйа нөҥүө үтүө быһыыны-майгыны, бэйэ-бэйэҕэ эйэҕэс, көмөлөһөр сыһыаны иҥэрии, ону сэргэ күннээҕи олоххо сэрэхтээх уонна куттала суох буолуу быраабылаларын судургутук, өйдөнүмтүөтүк тиэрдии буолла
🙏🏻

Улахан кылаас оҕолоро бу көрсүһүүгэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, кырачааннарга аналлаах интэриэһинэй остуоруйалары талан, олус иэйиилээхтик уонна уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр☺️Остуоруйа дьоруойдарын холобурдарыгар олоҕуран, оҕолор туох үчүгэйин, туох куһаҕанын, ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах сөпкө дьаһаныахтаахтарын, билбэт дьонтон хайдах сэрэниэхтээхтэрин уонна доҕордоһуу сыанатын туһунан кэпсэттилэр🤝

Кырачааннар улахан убайдарын, эдьиийдэрин болҕойон иһиттилэр, остуоруйа ис хоһоонунан ыйытыыларга көхтөөхтүк хоруйдаатылар уонна бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Маннык истиҥ көрсүһүүлэр улахан уонна кыра саастаах оҕолор икки ардыларыгар сибээһи бөҕөргөтөллөр, улахан оҕолорго эппиэтинэстээх буолууну, оттон кыраларга үтүө холобуру үөскэтэллэр😍

Тэрээһин олус сэргэхтик, истиҥ эйгэҕэ ааста уонна хас биирдии оҕоҕо үтүө өйдөбүлү хаалларда
👍🏻


Эр санаа уруога: биир дойдулаахпыт, Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытары истиҥ көрсүһүү☺️🙌🏻

Сэтинньи 19 күнүгэр Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Анатолий Андреевич Аммосовтыын 6–11 кылаас уолаттарыгар аналлаах «Эр санаа уруога» истиҥ көрсүһүү ыытылынна. Көрсүһүүгэ эр киһи майгыта-сигилитэ, үөрэххэ дьулуһуу уонна дойдуга таптал суолтата сырдатылынна🤝

Аһаҕас уонна истиҥ кэпсэтии кэмигэр Анатолий Андреевич уолаттарга дьиҥнээх эр киһи майгытын-сигилитин, олоххо көрүүтүн туһунан дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээтэ. Кини эр киһи хас биирдии хардыытыгар бэрээдэктээх, бэйэтин кыанар, тутта-хапта сылдьыыта чэбдик уонна боччумнаах буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маны тэҥэ, билиҥҥи кэмҥэ саамай сүрүн сорук — үөрэххэ дьулуһуу, билиини хаҥатыы буоларын туһунан эттэ: «Билигин эһиэхэ үөрэх саамай наадалаах кэмэ кэллэ, онон бириэмэни туһалаахтык атаарыҥ, билиигэ тардыһыҥ», — диэн сүбэлээтэ👍🏻
Көрсүһүү иккис чааһыгар уолаттар ыалдьыкка бэйэлэрин долгутар ыйытыыларын биэрдилэр. Анатолий Андреевич хас биирдии ыйытыыга олоххо буолбут түгэннэргэ олоҕуран, толору уонна аһаҕас хоруйдары биэрдэ
🙏🏻

Кэпсэтии түмүгэр ыалдьыппыт эдэр көлүөнэҕэ үтүө баҕа санаатын тиэртэ — чэгиэн-чэбдик буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, дьоҥҥо-сэргэҕэ куруук көмөлөһөргө уонна эрэллээх доҕор буоларга ыҥырда. Бу көрсүһүү уолаттар өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥ суолу хаалларда уонна инники олохторугар үтүө холобур буолла✊🏼

Биһиги хорсун ыалдьыппытыгар үөрэтэр оҕолорбутугар кэлэн ыалдьыт буолбуккар улахан махталбытын биллэрэбит🙏🏻Дьонуҥ-сэргэҥ көрөр-истэр оҕолоруҥ дьоллоох доруобай буоллуннар🙌🏻 Бэйэҕэр кытаанах доруобуйаны үлэҕэр-хамнаскар үрдүк ситиһиилэри🤝


Сэтинньи 18 күнүгэр оскуолабытыгар «Сомоҕолоһуу куода: көлүөнэлэри ситимниир оонньуу» («Код единства: игра, которая объединяет поколения») диэн олус интэриэһинэй уонна сэргэх күрэх буолан ааста☺️🙌🏻

Бу тэрээһиҥҥэ кылаас салайааччылара уонна үөрэнээччилэр биир хамаанда буолан, көхтөөхтүк кытыннылар👍🏻Күрэх сүрүн сыала — учуутал уонна оҕо икки ардыгар өйдөһүүнү күүһүрдүү, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтүү уонна биир сомоҕо буолууну иитии🤝

Күрэх хаамыыта олус тыҥааһыннаахтык уонна сэргэхтик ааста:
• Биир санаанан: Учууталлар уонна оҕолор араас тургутуулары, өй-санаа оонньууларын бииргэ сүбэлэһэн аастылар.
• Көр-күлүү уонна үөрүү: Хамаандалар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн, тэрээһин олус иһирэх, истиҥ эйгэҕэ барда.
• Түмүк: Бары кыттааччылар олус астынан, үөрэн-көтөн, саҥа билиини уонна умнуллубат түгэннэри бэлэхтэһэн тарҕастылар
🎉☺️

Маннык тэрээһиннэр оскуола олоҕун өссө киэргэтэллэр, учуутал уонна үөрэнээччи доҕордуу сыһыанын бөҕөргөтөллөр🙌🏻

Кыттыбыт бары хамаандаларга улахан махтал уонна инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт👏


Күндү үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна оскуолабыт оҕолоро☺️🙌🏻

Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын саамай көхтөөх, эрчимнээх сурутааччытыгар минньигэс бэлэх күүтэр☺️👏

Күрэскэ кыттарга олус судургу:
🔸 Биһиги каналбытыгар сурут (подпишись);
🔸 Тахсар сонуннарга сүрэхчээннэ ❤️ туруор;
🔸 Санааҕын үллэстэн, истиҥ комментарийдарда 💬 хааллар.
🔸Уонна бу курэс анныгар кыттабын (Участвую) диэн суругу баттааҥ👇

Түмүк бу ый 25 күнүгэр тахсыаҕа☺️🤝
Көхтөөх буолуҥ, бэйэҕит баҕа санааҕытын суруйуҥ уонна минньигэс бирииһи сүүйэн ылыҥ!

Барыгытыгар ситиһиини! 🎉🚀

Розыгрыш создан с помощью randomize_bot



КҮРЭС🎉

Күндү үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна оскуолабыт оҕолоро☺️

Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын саамай көхтөөх, эрчимнээх сурутааччытыгар минньигэс бэлэх күүтэр😍

Күрэскэ кыттарга олус судургу:
🔸 Биһиги каналбытыгар сурут (подпишись);
🔸 Тахсар сонуннарга сүрэхчээннэ ❤️ туруор;
🔸 Санааҕын үллэстэн, истиҥ комментарийдарда 💬 хааллар.
🔸Уонна бу анныгар
Түмүк бу ый 21 күнүгэр тахсыаҕа🤝

Көхтөөх буолуҥ, бэйэҕит баҕа санааҕытын суруйуҥ уонна минньигэс бирииһи сүүйэн ылыҥ🙌🏻Барыгытыгар ситиһиини! 🎉🚀

Розыгрыш создан с помощью randomize_bot


Уопут уонна эдэр эрчим силбэһэр түгэнэ: Оскуолабытыгар эдэр учууталлар уонна наставниктар күрэхтэрэ саҕаланна🤩👏

Учуутал идэтэ — уһуйаантан саҕалаан киһи олоҕор саамай суолталаах, дириҥ эппиэтинэстээх уонна үрдүк аналлаах идэ. Эдэр исписэлиис оскуола боруогун атыллаан, үлэтин саҥа саҕалыыр кэмигэр уопуттаах наставник сүбэтэ-амата, өйөбүлэ хайаан да наада🤝

Бу үтүө үгэһи сайыннарар, уопуту атастаһар уонна саҥа саҕахтары арыйар сыалтан, оскуолабыт иһинэн сэтинньи 16 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри эдэр үлэһиттэр уонна кинилэр наставниктарын икки ардыларыгар күрэх саҕаланна
🙌🏻

Күрэх бырагыраамата олус киэҥ уонна интэриэһинэй. Үс нэдиэлэ устата кыттааччылар бэйэлэрин сатабылларын, айар дьоҕурдарын уонна бииргэ үлэлиир таһымнарын маннык түһүмэхтэргэ көрдөрүөхтэрэ
👇:

• Бастакы нэдиэлэ: Аһаҕас уруок ыытыы (билиини биэрии саҥа ньымалара уонна учуутал маастарыстыбата).

• Иккис нэдиэлэ: «Бастыҥ төрөппүт мунньаҕа» (дьиэ кэргэн уонна оскуола ситимин бөҕөргөтүү).

• Үһүс нэдиэлэ: Кылаас чааһа (оҕо иитиитигэр уонна өйүн-санаатын сайыннарыыга туһаайыллар дьарык).

Бу эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах тургутууга оскуолабыт 6 бастыҥ паарата кыттыыны ылар:

1. Эдэр үлэһит Иванова А.В. уонна наставнига Григорьева М.А.
2. Эдэр үлэһит Данилов В.А. уонна наставнига Архипова М.И.
3. Эдэр үлэһит Данилова Е.А. уонна наставнига Тимофеева О.А.
4. Эдэр үлэһит Заборовская В.Я. уонна наставнига Харитонова А.Л.
5. Эдэр үлэһит Архипов И.А. уонна наставнига Семянова М.И.
6. Эдэр үлэһит Данилов Д.А. уонна наставнига Ксенофонтова А.И.


Күндү кэллиэгэлэрбитигэр, бу күрэх эһиэхэ саҥа билиини, үрдүк ситиһиилэри, айар үлэни уонна умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтээтин☺️🙏🏻
Эдэр эрчим уонна дириҥ уопут биир ситим буолан, оскуолабыт сайдыытыгар саҥа кылааты киллэрдиннэр
👏☺️

Кыттааччыларбытыгар барыларыгар ситиһиини баҕарабыт🎉


Репост из: Образование Нюрбинского района
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max


«Баай Байанай бэлэҕэ» — өбүгэ үгэһин утумнаан🙏🏻

Сэтинньи — Баай Байанай ыйыгар анаан, биһиги оскуолабытыгар 5-тэн 11-с кылааска диэри уолаттарга «Баай Байанай бэлэҕэ» диэн олус тыҥааһыннаах уонна көхтөөх күрэхтэһии ыытылынна👍🏻Өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин, булчут сатабылын уонна эр киһи мындыр өйүн тургутар тэрээһиҥҥэ уолаттар үс хамаандаҕа арахсан илин-кэлин түһүстүлэр🙌🏻

Күрэхтэһии устата эдэр булчуттар бары өттүнэн тургутууну аастылар:

•
Күүс-уох уонна сымса буолуу: Уолаттар саһаан маһын хайытан, хаар баһан, чыыппаан оҥорон илиилэрин сымсатын уонна тулуурдарын көрдөрдүлэр👍🏻

•
Булчут сатабыла: Туһах иитиитигэр, сыал ытыытыгар уонна өбүгэ саҕаттан кэлбит ох саанан ытыыга бэргэннэрин тургуттулар👍🏻

•
Өй оонньуута: Түһүмэх биир саамай интэриэһинэй чааһынан кус-хаас уонна араас кыыл саҥатын таайыы буолла. Манна уолаттар айылҕаны төһө билэллэрэ, болҕомтолоохторо дьэҥкэтик көһүннэ👍🏻

Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар:
1. Бастакы миэстэ — Анисимов Дьулус хапытааннаах хамаанда эрэллээхтик кыайыыны ситистэ👏
2. Иккис миэстэ — Николаев Эрсан хапытааннаах хамаанда үрүҥ көмүс призер буолла
👏
3. Үһүс миэстэ — Николаев Женя хапытааннаах хамаанда бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ
👏

Бу күрэхтэһии уолаттар төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын күүһүрдэргэ, төрүт үгэстэри дириҥник ытыктыырга уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр доҕордуу сыһыаны иитэргэ улахан суолталаах буолла🙌🏻

Кыайыылаахтары уонна бары кыттыбыт уолаттары истиҥник эҕэрдэлиибит🤝Баай Байанай мэлдьи алгыстаах, баай бэлэхтээх буоллун🙏🏻

Показано 20 последних публикаций.