Бүгүн биһиги оскуолабытыгар куустатааҕы Баскет (мини-баскетбол) оонньууга күрэх алын сүһүөх кылаас оҕолоругар буолан ааста. Бу оонньуу улаатан эрэр спортсменнарга кординацияны, түргэн - сымса буолууну, хамаанданан оонньуур күүһү сайыннарар. Баскетболтан уратыта диэн бу оонньуу спортсменнары элбэх быраабылаҕа хааччахтаабат, "ведение", "передача", "броски" диэн элеменнэри үөрэтиигэ бастакы хардыы буолар. 1 миэстэ Кириэстээх политехническай орто оскуолатын спортсменнара буоллулар, 2 миэстэни Дьаархан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ыллылар уонна 3 бочуоттаах миэстэҕэ Уһун-Күөл оскуолатын оҕолоро тигистилэр. Бары хамаандалар Кубогынан уонна грамотанан наҕараадаланнылар.