Репост из: Неизвестно
Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, 3 №-дээх «Чебурашка» оҕо сайдар киинигэр суолга сэрэхтээх буолуу декада чэрчитинэн, Сунтаар нэһилиэгин уһуйааннарын икки ардыларыгар «Дьэ эрэ, оҕолоор!» диэн күрэх ыытылынна. Манна кыра бөлөх 3 саастаах оҕолоро күөн көрүстүлэр.
Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн ыытылынна:
1. Кыыс оҕо билисипиэт тэбэн тиийэн, светофор уотун сөпкө уматыахтаах.
2. Уол оҕо самокатынан тиийэн, лего-конструкторынан схеманы көрөн массыына оҥорор.
3. Кыыс оҕо, улахан массыынаҕа олорсон, атаҕынан анньынан айаннаан тиийэн, суһал көмө массыыналарыгар үлэһиттэри сөпкө олордуохтаах.
4. Уол оҕо билисипиэт тэбэн тиийэн, пазлы сөпкө таҥан күрэҕи түмүктүүр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:
• I миэстэ (Кыайылаах) — 5№-дээх «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ;
• II миэстэ — 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ;
• III миэстэ — 3№-дээх «Чебурашка» оҕо сайдар киинэ;
• «Кыайыыга дьулуур» номинация — 2№-дээх «Сардаана» оҕо сайдар киинэ.
Кырачаан оҕолору ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Өссө да үрдүк ситиһиилэри, үүнэ-сайда туруҥ!