🧊
Сэтинньи 19–20 күннэригэр Ытык Күөлгэ Өксөкүлээх Өлөксөй скверигэр сэттис төгүлүн ыытыллар “Саха норуотун остуоруйалара” диэн тиэмэлээх «Таатта муус — 2026» муус оҥоһуктар аһаҕас күөн күрэстэрин икки күннээх үлэ түмүгүнэн:
«Күөрэгэй» диэн чаҕылхай, үрдүк таһымнаах үлэнэн Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгин хамаандата, уһуйааччы Алквиад Павлович Атастыров салалтатынан И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ Артём Васильев уонна Владислав Шестаков 🏆🥇 миэстэни ыллылар.👏👏👏
«Атыыр соноҕос уонна Оҕус» диэн уран оҥоһуулаах үлэнэн Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин хамаандата, уһуйааччы Василий Еремеевич Попов салайыытынан В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Хомустан Афанасьев уонна 8 кылааһын үөрэнээччитэ Руслан Собакин🥈 миэстэ буоллулар.👏👏👏
«Ыт уонна Суор» диэн ураты тыыннаах оҥоһугунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин хамаандата, уһуйааччы Иван Иванович Мохначевский салайыытынан И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Никита Мохначевский уонна 8 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Мохначевский🥉 бириистээх миэстэни ыллылар.👏👏👏
@taattagazeta@ulusmedia