Бала5aн ыйын 30 күнүгэр А. Е. Мординов аатынан Тааттатаа5ы лицейга оскуола о5олоругар "Чолбон" сурунаал төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах бэрт сэргэх тэрээhин буолан ааста. Көрсүhүүгэ сурунаал бас эрэдээктэрэ, поэт Гаврил Андросов, бас эрэдээктэр солбуйааччыта, прозаик Данил Макеев уонна биир дойдулаахпыт, сана са5алаан эрэр эдэр суруйааччы Фёдор Павлов кыттыыны ыллылар. О5олорго сурунаал үлэтин сырдаттылар, айымньыларыттан быhа тардан аахтылар, төрөөбүт тылгытын таптаан, харыстаан диэн ба5а санааларын эттилэр.