Утуму салҕыыр билим-практика ааҕыылар
Бүгүн, сэтинньи 20 күнүгэр, Сыырдаах орто оскуолатыгар РФ үтүөлээх учуутала, педагогическай наука дуоктара, профессор Иосиф Семенович Портнягин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Иитии сүнньэ-норут үтүө үгэһэ" билим-практика ааҕыылар үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Учуонай «Кут-сүр» уонна этнопедагогика туһунан дириҥ ис хоһоонноох үлэлэригэр тирэҕирэн тэриллибит тэрээһин үүнэр көлүөнэни норуот үтүө үгэһинэн иитиигэ улахан суолталаах буолла.
Ааҕыыларга Бээрийэ, Өнөр, Чэриктэй, Арыылаах, Окоемовка, Майаҕас уонна Мүрү нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, уһуйааннарыттан уопсайа 50-ча киһи кыттыыны ылла. Үлэ сүрүн хайысхаларынан туспа түһүмэхтэргэ арахсан ыытылынна:
🔸 «Утум» (норуот үтүө үгэһин тарҕатааччылар идэлээхтэрэ уонна этнопедагогика хайысхата);
🔸 «Саха тылын сайыннарыыга дьиэ кэргэн оруола»;
🔸 «Саҥа кэм уонна төрөөбүт
🔸 «Эр киһи учуутал — оҕону иитиигэ уонна оскуола олоҕор суолтата»;
🔸 «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ үтүө үгэстэр»;
🔸 «Төрүт дьарык — кут-сүр ситимэ»;
🔸 «Эдэр чинчийээччи».
Бу түһүмэхтэргэ улуус педагогтара, иитээччилэрэ, төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр бэйэлэрин чинчийэр үлэлэрин, баай уопуттарын билиһиннэрдилэр, дакылааттарын аахтылар. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ хас биирдии үлэни сиһилии ырытан, методическай өттүнэн сыаналаан, бастыҥнары быһаардылар. Кыайыылаахтар уонна чаҕылхай дакылаатчыттар анал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Тэрээһин түмүктүүр чааһыгар Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетын салайааччыта Федор Федорович Татаринов кэлэр ахсынньы ыйга ыытыллар улуустааҕы төрөппүт форумугар бэлэмнэнии сүбэ мунньаҕын ыытта. Манна оҕону иитиигэ оскуола уонна дьиэ кэргэн бииргэ үлэлээһиннэрин тула кэпсэтии буолла.
Бу курдук, учуонай И. С. Портнягин үтүө аатын үйэтитэр уонна кини педагогическай нэһилиэстибэтин олоххо киллэрэр ааҕыылар үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр уонна төрөппүттэргэ саҥа соруктары туруорда.