Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр “Чурапчы холкуостарын көһөрүү кэриэһигэр анаммыт линейка ыытылынна.
Бу күн, балаҕан ыйын 19 күнэ, Чурапчы улууһун историятыгар умнуллубат, ыар суоллаах күн.
84 сыл анараа өттүгэр, 1942 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар кэмигэр Саха сирин историятыгар биир саамай харах уулаах страницалар суруллубуттара. Чурапчы оройуонун 41 колхуоһун дьоно күүс өттүнэн Булуҥ, Кэбээйи, Эдьигээн оройуонугар көһөрүллүбүттэрэ. 5318 киһи, 1837 дьиэ кэргэн көһөрүллүбүтүттэн быстар аҥаара эрэ дойдуларыгар эргиллибиттэрэ. Хас биирдии сыыппара — бу сүтүк, бу аһыы, бу тулуйуу...
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.