ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт” күрэх кыайыылаахтара.Саха Сиригэр литэрэтиирэ, култуура, ускуустуба уонна суруналыыстыка сайдар суолларын тэлсибит уһулуччулаах киһибит Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылын көрсө, “ҺӨҔҮҤ: Алампаны ааҕабыт” литературнай клип өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ ыытылынна. Күрэҕи СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет РФ хотугулуу-илиҥҥи омуктарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ ыыттылар.
“ҺӨҔҮҤ” диэн саха тылын уонна сахалыы ааҕыыны аныгы ньымаларынан көҕүлүүр бырайыак буолар. Ол иһин бу күрэххэ иҥнигэһэ суох нойосуус ааҕыы эрэ буолбакка, ыччат сэҥээрэр уонна болҕомтотун тардар ролигын айан-таҥан таһаарарга сорук турбута.
Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан барыта 34 ролик кыттыбыт. Манна
Одьулуун орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Нюргун Максимов «Сору билбэт киһи дьолу билиммэт» диэн дириҥ суолтаны арыйар «Дьол икки сор икки» айымньынан кыттан,
кыайыылааҕынан таҕыста! Салайааччыта оскуола бибилэтиэкэрэ Максимова Туйара Семеновна. Дьүүллүүр сүбэ кинилэр үлэлэрин үрдүктүк
сыаналаата
: этэр санаалаах, хоһоону өйүттэн хомоҕойдук ааҕар, ис хоһоонун сонуннук тиэрдибит, оттон клип таҥыллыыта, устуута уонна киэргэтиитэ «Саха» НКИХ ханаалыгар да көрдөрүөххэ сөп таһымнаах диэн бэлиэтээтилэр. Добун сурук уонна 10 тыһыынча солкуобай суумалаах харчынан бириис туттардылар.
https://rutube.ru/video/4ab531b0690a9fc44ad649ca8f60f889/С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын
“Умсулҕан” уолаттар ааҕар бөлөхтөрүттэн
Михайлов Андрей уонна
Попов Иван “Эн бааргын мин күнүм…” литературнай клиптара
“Көрөөччү биһирэбилэ” диэн ааты уонна 3 тыһыынча солкуобай бириэмийэни тутта. Салайааччылар – Болдовская Фекла Николаевна
, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, Маркова Саргылаана Гаврильевна, “Тумус кыһа” медиа-киин салайааччыта.
https://vkvideo.ru/video-238624229_456239029Роликтар бары Национальнай бибилэтиэкэ пуондатыгар үйэ саас тухары хааллылар. Хаһан баҕар сайтка киирэн көрүөххүтүн, ким баҕар уруогар-дьарыгар туһаныаҕын сөп.
Уолаттары уонна салайааччыларын бу чаҕылхай ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Инникитин да айар-тутар дьарыккытыгар саҥа саҕахтары, үрдүк дабайыылары баҕарабыт!