Репост из: Образование Чурапчинского улуса
Чурапчыга бүгүн — кутурҕан уонна кэриэстэбил күнэ.
84 сыл анараа өттүгэр, 1942 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар кэмигэр Саха сирин историятыгар биир саамай харах уулаах страницалар суруллубуттара.
Чурапчы оройуонун 41 колхуоһун дьоно күүс өттүнэн Булуҥ, Кэбээйи, Эдьигээн оройуонугар көһөрүллүбүттэрэ. 5318 киһи, 1837 дьиэ кэргэн көһөрүллүбүтүттэн быстар аҥаара эрэ дойдуларыгар эргиллибиттэрэ. Хас биирдии сыыппара — бу сүтүк, бу аһыы, бу тулуйуу...
Саха норуота ханнык да охсууну тулуйар модун санаалаах. Ону Чурапчы дьоно-сэргэтэ итэҕэтэн турар. Оччотооҕу дьон төһө да ыарахан усулуобуйаҕа сырытталлар, өлөр-тиллэр икки ардыгар киирдэллэр, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэнэллэрэ. Олоххо тардыһыылара күүстээх этэ.
Эдэр көлүөнэ кинилэр сырдык кэриэстэрин чиэстээхтик сүгэр — үөрэхтээх, үлэһит, чиэһинэй, дойдутун таптыыр дьон буолан тахсаллара биһиги сүрүн соруккут буолар.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.