ҮЙЭ ЧУЛУУ КИҺИТЭ
Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ, Россия судаарыстыбатын биир биллэр политическэй деятелэ Михаил Ефимович Николаев 89 сааһын бэлиэтиир.
М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар М.Е.Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук Бастакы Президент олоҕун уонна үлэтин чахчыларынан викторина, саахымат турнира, "Үйэ чулуу киһитэ" музейнай уруок, "Истинный сын якутского народа" лекция-уруок ыытылынна, маны сэргэ перемена кэмигэр М.Е.Николаев туһунан видеолар, "Сахам дьонугар" аудиобиэриилэр, олоҕун, үлэтин көрдөрөр быыстапка, стендэ оҕолор болҕомтолорун ылла.
Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтэ.
1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай ветеринарнай институту бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ ветеринар бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. 1989с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананар.
1991с. М.Е.Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенинэн талыллар. Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1991 сылтан 2002 сылга диэри сатабыллаахтык салайбыта. 2002-2010 сс. Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 2011-2016 сс. РФ Судаарыстыбаннай Дууматын VI ыҥырыытын депутата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ.
Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, саҥа суолга үктэниибитигэр бигэ тирэх буолбут сүдү киһи, саҥа Россия историятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын уонна судаарыстыбаннаһын олохтооччунан биллэр уонна билиниллэр. Бастакы Президент Саха Сирин сайдыытыгар: үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар, төрүт култуураҕа, суол-иис сайдыытыгар, айылҕа харыстабылыгар киллэрбит үтүөтэ олус элбэх.
"УОТ" медиакиин
Хаартыскалары бу сигэнэн киирэн көр
https://vk.ru/album-211810066_313925870