Саха театра


Гео и язык канала: Россия, Японский
Категория: Искусство



Гео и язык канала
Россия, Японский
Категория
Искусство
Статистика
Фильтр публикаций


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Сэтинньи 28 күнүгэр, киэһэ 17:00 чаастан «КӨМҮӨЛ» испэктээкилгэ ыҥырабыт

💐🎭 Бу киэһэ театрбыт уус-уран салайааччыта, уһулуччулаах режиссер, РФ норуодунай артыыһа, ССРС, Россия уонна СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, РФ Үлэтин геройа Андрей Саввич Борисов 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр ананар

Үгүс көрөөччүнү сөхтөрөр, уйадытар, элбэҕи толкуйдатар, күн бүгүҥҥэ диэри тобус-толору сааланы хомуйар Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн ыар дьылҕаларын туһунан испэктээкили Андрей Саввич аан маҥнай 2010 сыллаахха туруорбута.

Бүтүн Аан дойдуну аймаабыт ХХ-с үйэ холоруктуу ытыллар дьалхааннарыгар саха интеллигенциятын бас-көс дьоно буолбут аймах сырдык тыыннара быстыбыта. Ол ыар сүтүктэн, аҕа аһыытыттан Өлүөнэ Очуостара ынчыктаан ылбыттара.

🎫 Онлайн билиэттэр: https://iframeab-pre5643.intickets.ru/seance/77832786

🏛️ Театр каассата күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 ч. үлэлиир.

☎️ Билсэр төл: 34-13-31


На сайте московского театра Александра Калягина «Et Cetera» анонсирован спектакль «По ту сторону сна» Саха театра имени П.А. Ойунского. Он состоится 7 декабря.

Билеты 🎫 https://tickets.afisha.ru/wl/523/api#/place/1422485

Это трагифарс в постановке Андрея Борисова по мотивам повести-притчи Николая Лугинова «Самородки из преисподней». Показ спектакля состоится в рамках юбилейной программы X фестиваля «Биеннале театрального искусства. Уроки режиссуры».

Деревенский паренек, бывший пограничник, в поисках лучшей доли устраивается работать на речную переправу. Соблазны большого города приводят его к фантасмагорическим событиям, он проходит через череду испытаний, в которых сон и явь переплетаются, стирая грань между реальностью и фантазией. Колесо Сансары намекает, что вся жизнь может быть лишь вымыслом или сновидением, перед истинным пробуждением – Нирваной.

В спектакле заняты актеры Петр Домотов, Василий Романов, Петр Садовников, Иннокентий Дакаяров, Нюргуяна Шадрина, Ильяна Павлова, Ирина Михайлова, Айталина Винокурова, Василий Борисов, Василий Белолюбский, Павел Ченянов, Эдуард Захаров, Семен Алексеев, Роман Дорофеев, Айталина Лавернова.


"Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль-форум туһунан кэпсэтии 🎭

Бүгүн Саха театрыгар буолаары турар XVI норуоттар икки ардыларынааҕы "Желанный берег. Хаарыан хампа кытылым" театральнай фестиваль-форум туһунан Саха сирин суруналыыстарын, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаларын кытары сиһилии атах тэпсэн олорон кэпсэтии буолан ааста.

Пресс-конференцияҕа "Журфикс", "Ил Түмэн", "Саха сирэ", "Тэтим. Саха радио", "Улус Медиа", "Sakha day" "ЯСИА", "ТАСС", "Саха" НКИК курдук киэҥ эйгэлээх суруналыыстар ыалдьыттаатылар.

Быйылгы фестиваль РФ норуодунай артыыһа, Россия уонна ССРС судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, РФ Үлэтин геройа Андрей Саввич Борисов 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр ананан "Учуутал уонна үөрэнээччилэр" диэн тутулга олоҕуруо. Фестивальга Андрей Саввич Борисов уонна кини үөрэтэн-такайан таһаарбыт билигин дойду национальнай театрдарын сирэйдиир режиссердар туруоруулара кыттыыны ылыахтара.

Бырагырааммаҕа уопсайа 25 испэктээкил бигэргэтиллэн Сэтинньи 27 - Ахсынньы 18 күннэригэр киэҥ хабааннаахтык ыытыллара күүтүллэр: Саха сирин уон театрыгар, Саха сирин филармониятыгар, Тыва, Алтай, Башкортостан, Калмыкия, Кыргызстан театрдара бииртэн биир хатыламмат туруоруулары көрдөрүөхтэрэ.


Кирилл Семенов – Алампа аатынан норуот бириэмийэтин «Чаҕылхай артыыс» номинация кыайыылааҕа 🎭

Ытыктыыр, убаастыыр биир идэлээхпитин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, тылбаасчыт, саха төрүт култууратын сайыннарыыга сүҥкэн кылааттаах саха тылын маастарын, Кирилл Михайлович Семёновы, бүгүҥҥү Алампа аатынан норуот бириэмийэтин «Чаҕылхай артыыс» номинация кыайыылааҕа буолбут өрөгөйдөөх күҥҥүнэн Саха театрын бары дьонун-сэргэтин аатыттан эҕэрдэлиибит!

Баҕарыа этибит саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, айар-тутар үлэҥ иэйии кынаттаах буолуохтун, ситиһии, кыайыы-хотуу аргыстаннын!


Алампа аатынан норуот бириэмийэтэ 🎭

Бүгүн Саха театрын үрдүк уораҕайыгар Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүтэ 140 сылын көрсө кини сырдык кэриэһин үйэтитэр уонна ускуустуба эйгэтигэр уһулуччу ситиһиилээх дьону бэлиэтиир Алампа аатынан норуот бириэмийэтин дьоро киэһэтэ тосхоллонно.

Манна Саха сирин араас муннугуттан талыллан кэлбит ускуустуба эйгэтин маастардара тоҕуоруһа мустан уопсайа 12 араас номинацияларынан наҕараадаланнылар:

- «Суруйааччы» — Пономарев Дмитрий Николаевич – Дьолуолаах
- «Бэйиэт» — Байгожаева Яна Ербулатовна
- «Уран тыл» — Мигалкина Елизавета Ивановна
- «Бастыҥ драматург» — Захаров Утум Егорович
- «Дархан ойууһут» — Окоемова Галина Егоровна
- «Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» — Кривогорницын Иван Юрьевич
- «Төрөөбүт литератураны сырдатыыга кылаатын иһин» — Попов Семен Андреевич – Сэмэн Тумат
- «Дэгиттэр режиссер» — Якимец Валентина Афанасьевна
- «Чаҕылхай артыыс» — Семенов Кирилл Михайлович
- «Чаҕылхай артыыска» — Кривогорницына Александра Константиновна
- «Ырыа айааччы» — Петров Петр Семенович – Бүөккэ Бөтүрүөп
- «Алампаҕа сүдү бэриниилээх» — Попов Николай Ефимович

Номинация бары кыайыылаахтарыгар Саха театрын аатыттан итии-истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ! Айар үлэҕитигэр ситиһиини, быстыбат иэйиини. Алампа сырдык аата үйэттэн үйэҕэ бэриллэн, тэнийэ туруохтун!


Саха театрын кырачаан ыалдьыттара 🎭

Бүгүн биһиги театрбыт кырачаан ыалдьыттарга олус диэн интэриэһинэй экскурсияны ыытта. Оҕолор Саха театрын музейын, сыана кэтэҕин сэгэтэн испэктээкил реквизиттарын, көстүүмнэри, артыыстар гримёрнайдарын көрдүлэр.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылын көрсө 🎭

Саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, сырдатааччы, драматург Анемподист Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сыллаах үбүлүөйүгэр көрсө Саха театра тэттик флеш-мобка кытынна!

Алампа бүгүн Дьокуускай куорат үрдүк мэндиэмэннээх атыы эргиэн-киинигэр сырытта, дьон-сэргэ сөҕө-махтайа көрүстүлэр.

Онтон утаа Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын эдэр көлүөнэ артыыстарын кытта көрүстэ. Кэлбит ыалдьыттарга хоһоон ааҕан иһитиннэрдэ.

Күндү көрөөччүлэрбитин
Сэтинньи 20 күнүгэр киэһэ 18:30 чаастан Ю.А. Гагарин аатынан култуурнай кииҥҥэ А.И. Софронов - Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар анаммыт
«… ЫЛЛЫЫМ ЭЭ, ЫЛЛЫЫМ.» үбүлүөйдээх кэнсиэргэ ыҥырабыт!

Билиэттэри Ю.А. Гагарин аатынан куултуура киинин саайтыгар атыылаһыҥ.

Сэтинньи 20 күнүгэр киэһэ 18:30 чаастан кэнсиэргэ көрсүөххэ диэри! 👏👏👏

Музыка: Дьөһөгөй - Саргылардаах сахаларбыт (Алампа тыллара)


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ

Михаил Ефимович “Култуура уонна духуобунас – судаарыстыба сайдар тирэҕэ“ диэн санаатын сирдьит оҥостон Саха сайдыылаах, үөрэхтээх, күүстээх санаалаах, үрдүк култууралаах омук буолуохтаах диэн култуура, искусство, духуобунас, норуот айымньыта, саха итэҕэлэ, сиэрэ-туома сайдарыгар күүстээхтик үлэлээбитэ.

Саха театра Михаил Ефимович уурааҕынан 2000 сыллаахха бэйэтэ бас билэр уораҕайдаммыта. Ол түмүгэр Саха театра – сахаларга эрэ буолбакка, бырааттыы норуоттарбытыгар барыларыгар духуобунай киин кэриэтэ буолбута. 

Михаил Ефимович норуотун туһугар сыралаах үлэтин түмүгэр Саха норуота атын норуоттартан туох да итэҕэһэ суох бэйэтин драматургиятын сайыннарар, үйэтитэр, култууратын, духуобунаһын киэҥ эйгэҕэ таһаарар кыахтаммыта.


🎭 Оскуола үөрэнээччилэрин театр алыбар угуйуу 

Саха театрын артыыстара оскуола оҕолорун театр алыптаах эйгэтигэр угуйар араас тэрээһиннэргэ кыттыыны ылаллар. 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Куприян Михайлов Дьокуускай куорат уон үһүс нүөмэрдээх оскуолатыгар Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр аналлаах гражданственность уруогар ыалдьыттаата. Уруогу «Былааһы Сэбиэккэ!» гитаралаах ырыанан киэргэттэ уонна Былатыан Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» драматыттан быһа тардыыны үөрэнээччилэргэ көрдөрдө.


🎭 Маргарита Борисова «Семён Дежнев» киинэҕэ Абакайаада оруолун туһунан «Мир» федеральнай ханаалга

«Мир» судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа историяҕа киирбит дьон олохторун туһунан сэбиэскэй киинэлэр көмүс фондаларыгар анаммыт «Наше кино. История большой любви» анал биэриини бэлэмниир.

Биэрии чэрчитинэн 1983 сыллаахха тахсыбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибит, cаха уонна нуучча норуотун доҕордоһуутун бэлиэтэ буолбут «Семён Дежнёв» уус-уран киинэ туһунан биэрии былааннанар.

Бу улахан суолталаах киинэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Маргарита Борисова Абакайаада оруолун чаҕылхайдык толорон киинэҕэ үйэтиппитэ. МТРК «Мир» устар бөлөҕө Маргарита Михайловнаттан хайдах бу оруолга талбыттарыттан саҕалаан киинэҕэ уһуллубутун туһунан сиһилии интервью ылла.

Киинэ 1983 сыллааҕы былакаатын Саха театрыгар бэлэх ууммут И. Жараев аатынан СӨ аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин киинигэр махтанабыт.

Биэриини уһулла Айтал Никитин


СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, Былатыан Ойуунускай аатын сүгэр Саха театрын дириэктэрэ Петр Макаров, улуу убайбыт пааматынньыгар сүгүрүйэн, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Ону таһынан үгэс буолбут сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэригэр-туомугар Саха театрын бары дьоно, Таатта улууһун түмсүүтэ, хомуньуус партия чилиэттэрэ, Саха сирин суруйааччылара мустан сүдү киһибитигэр сүгүрүйдүлэр.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Сэтинньи 11 күнэ – Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ

Бүгүн саха норуотун чулуу уола, судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччитэ, поэт, драматург, автономнай өрөспүүбүлүкэни тэрийии ааптардарыттан биирдэстэрэ, Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ.

Хаартыскаҕа Былатыан Ойуунускай оруолун толорор СӨ үтүөлээх артыыһа – Дмитрий Татаринов


🎭 Сердечно поздравляем наших коллег из Театра оперы и балета!

Коллектив Саха академического театра имени П. А. Ойунского поздравляет коллег из Государственного театра оперы и балета им. Д.К. Сивцева — Суорун Омололоона с присвоением почётного звания «Академического театра»!

Мы, как ваши коллеги, разделяющие преданность театральному искусству, выражаем искренние поздравления за заслуженное признание многолетнего творческого труда, высокого профессионального мастерства и весомого вклада в развитие культуры и искусства Якутии.

Желаем коллективу новых творческих побед, ярких премьер, вдохновения и благодарных зрителей! Пусть искусство вашего театра продолжает покорять сердца и прославлять нашу родную Якутию!


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Матёра дьылҕата Саха театрын сыанатыгар

«Матера, бырастыы…» сэтинньи 29 күнүгэр киэһэ 18:00 ч. 

Театральнай ускуустуба биир саамай дириҥ ис хоһоонноох, киһини толкуйдатар уонна долгутар туруоруутугар ыҥырабыт🎭

Испэктээкил сюжетын киинигэр Ангара өрүс ортотугар турар Матёра диэн арыыга баар төрүт дэриэбинэ уонна онно олохтоох дьон дьылҕата көстөр. Уу станцията тутулларунан сибээстээн, үйэлэргэ олох олорбут дьиэ-уот, өбүгэ уҥуоҕа уу анныгар хаалыахтаах, оттон олохтоохтору саҥа бөһүөлэккэ көһөрүөхтээхтэр. 

Бу туруоруу көннөрү көһүү туһунан эрэ буолбакка, аныгы сайдыы уонна төрүт үгэс, киһи уонна айылҕа харсыһыытын сытыытык көрдөрөр суолталаах тиэмэ. Манна кырдьаҕастар төрөөбүт буордарыттан арахсыылара, үйэлээх ситим быстыыта дириҥник арыллар.

🎫 Онлайн билиэттэр: https://iframeab-pre5643.intickets.ru/seance/77422167

✅ Пушкинскай каарта 

🎧 Синхроннай тылбаас 

🏛️ Касса күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 ч. үлэлиир

☎️ Билсэр төл: 34-13-31


🎭 Кирилл Семёнов 75 үбүлүөйдээх сааһа
 
Бүгүн «Суоһалдьыйа Толбонноох» испэктээкилгэ бары ытыктыыр, убаастыыр, талааннаах киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, театр эйгэтигэр тылбаасчытынан киэҥник биллибит Кирилл Михайлович Семёнов 75 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсөр дьоро киэһэ тосхоллонно!
 
Кирилл Михайлович Саха төрүт тылын, култууратын үйэтитиигэ элбэх сыллаах үлэтин, үйэлээх кылаатын иһин «За вклад в сохранение и развитие родных языков в Республике Саха (Якутия)» бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаланна.
 
Кэлбит көрөөччүлэр, ыалдьыттар эҕэрдэ маанытын этэн, уохтаах кымыһынан, сахалыы саламааттаах алаадьынан күндүлэннилэр, үөрүүнү үллэһиннилэр.


🎭 Театр алыптаах эйгэтин туһунан устудьуоннарга
 
Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт (ХИФУ) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн "Култуура үөрэҕин уонна айар кылаан индустриятын" 2-с кууруһун устудьуоннара сылын аайы үгэс буолбут Саха култууратын сэттиэлэтин ситиһиилээхтик тэрийэн ыыталлар.
 
Бу бэлиэ тэрээһин чэрчитинэн устудьуоннар саха театральнай урамньытын сулустарын кытары көрсүһүүнү тэрийдилэр. «Уонна хаһан?» диэн сырдык, сэргэх уонна аһаҕас форматтаах ток-шоу ыалдьыттарынан П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа Елена Маркова уонна Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа Айталыына Яковлева буоллулар.
 
Ток-шоу устата артыыстар бэйэлэрин айар суолларын, театр алыптаах эйгэтин кистэлэҥнэрин уонна устудьуоннаабыт кэмнэрин туһунан истиҥник кэпсээтилэр. Устудьуоннар бэйэлэрин кэрэхсэтэр ыйытыыларыгар хоруйдары ылан, айар куттаах маастардары кытары истиҥ алтыһыыны олохтоотулар, сэргэх киэһэни бэлэхтээтилэр.


🎭 «Волшебство якутской зимы»: день, когда сказка становится ближе!

В рамках Всероссийской акции «Ночь искусств» в Якутском историческом музее им. Емельяна Ярославского прошла программа «Волшебство якутской зимы». Мероприятие прошло под девизом «В единстве культур --- сила народа»

Наступают долгие зимние месяцы – за окном мороз и иней рисует узоры, а внутри тепло домашнего очага. В кругу семьи звучат родные песни, льются истории, а детям читают сказки, в которых живёт народная мудрость. Именно этой волшебной атмосферой насладились посетители мероприятия.

Любимые истории детства прозвучали в исполнении артистов Саха театра имени П.А. Ойунского, настоящих мастеров сцены --- Надежды Ушницкой и Татьяны Легантьевой. В этих сказках отражены вековые представления о добре и зле, чести и дружбе, любви и взаимопомощи.


🎭 Талааннаах худуоһунньук Владимир Иванов төрөөбүтэ 90 сылыгар быыстапка арылынна
 
Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СССР худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, талааннаах театральнай худуоһунньук, график, Владимир Давыдович Иванов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах "Сценографика" быыстапканы арыйар бэлиэ киэһэ СӨ национальнай художественнай түмэлигэр буолан ааста. 
 
Владимир Иванов Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар 1964-1967, 1974-1982 сылларга сүрүн худуоһунньугунан үлэлээбитэ. Кини сыана декорацията бэйэтэ туспа уобарас буолан айымньы ис хоһоонун көрөөччүгэ өссө дириҥник тиэрдиэн сөптөөҕүн көрдөрбүт талааннаах худуоһунньук. 
 
Владимир Иванов сценогрфиятынан Саха театрыгар элбэх испэктээкил туруоруллубута. Олортон биирдэстэрин, «Маарыкчаан ыччаттара» испэктээкилтэн быһа тардыыны, Саха театрын артыыстара бэлиэ киэһэҕэ көрдөрдүлэр.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
🎭🎂👏🏻 Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, театр эйгэтигэр тылбаасчытынан киэҥник биллэр Кирилл Семенов 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ

Ытык-мааны Кирилл Михайлович!

Былатыан Ойуунускай аатынан
Саха академическай театрыгар
Бааралаһа ханыыласпыт бар дьонун аатыттан
Эҕэрдэ истиҥин эттэхпит буоллун!

Олоххун анаабыт Сахаҥ театрыгар
Уһун кэмҥэ Ойуунускай мөссүөнүн тилиннэрбитиҥ,
Улуу убайбыт олорбут олоҕун, оҥорбут дьыалатын
Көрөөччүгэ итэҕэппитиҥ.
Бембиттэн саҕалаан –
Дьон биһирээн көрөр
“Суоһалдьыйа Толбонноох” испэктээххэ
Халыыда оруолугар тиийэ
Үгүс уобараһы арыйдыҥ,
Араас кырыылаах талааҥҥынан
Көрөөччү сүрэҕин тутуон туттуҥ.

Театрбыт ытык сыанатыгар
Островскайы, Горькайы,
Мольеры, Бертольт Брехты,
Вампиловы, Шекспиры,
Маркеһы, Касонаны
Уонна да атыттары
Театрбыт ытык сыанатыгар
Сахалыы саҥардыбытыҥ.
Драма артыыстарын ортотугар
Уус-уран ааҕыыга уһун сыллар тухары
Бастыҥ толорооччу аатын ылыан ылбытыҥ.

Саха дьоно таптаан истэр
Сахалыы тыллаах араадьыйатыгар
Көмүс куолаһыҥ хатыламмат.

Кэрэни кэрэхсэтэр алгыстаах айымньыҥ
Айар кута аҕыраабатын,
Үйэлээҕи үксэтэр үтүөкэннээх үлэҥ
Үксүү тэнийэ туруохтун.
Тус бэйэҥ тулхадыйбат туруктан,
Уолбат уйгулаах, быстыбат быйаҥнаах
Толору дьоллоох уһун олохтон!


Сахаҥ театрын бары дьоно


🎭 Харысхал — дьиҥнээх историяны суруйбут киһи.

Баһылай Харысхал төрөөбүтэ 76 сылын көрсө дьон биһирэбилин ылбыт «Эргиллиэм хайаан да…» испэктээкил толору саала ытыс тыаһын хомуйда.

Саха драматургиятыгар сүҥкэн кылааттаах ытыктыыр суруйааччыбытын Амматтан биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ кэлэн ахтан санаан аастылар. 

Билиэт атыытыттан киирбит үп Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр тутулла турар Харысхал аатынан түмэл тутуутугар барыаҕа.

Показано 20 последних публикаций.