Репост из: Арчы Дьиэтэ
Алтынньы 1 күнүгэр, Бүтүн Аан дойдутааҕы аҕам саастаах дьон уонна муусука күнүнэн, «Арчы Дьиэтэ» ДКК үлэһиттэрэ Ю.П. Степанов аатынан эти-хааны чэбдигирдэр кииҥҥэ «Ырыалаах дьэргэлгэн» эҕэрдэ кэнсиэрин бэлэх уунна.Тэрээһин сиэр быһыытынан үгэс буолбут арчылаах алгыһынан саҕаланна.Эҕэрдэ тэрээһин ис киирбэх иһирэх ырыаларынан, алгыстаах тойугунан уонна эҕэрдэ үҥкүүнэн ситэриллэн түмүктэннэ. Мустубут көрөөччүлэр олус астынан, дуоһуйан, сылаас ытыс тыаһынан уруйдуу көрсүбүттэринэн үрдүк таһымнаахтык ааста.
Аҕам саастаах дьоммутугар өссө да уһун олоҕу, чэгиэн доруобуйаны уонна мэлдьи үөрүү-көтүү аргыстаныҥ диэн ис сүрэхтэн баҕарабыт!
Аҕам саастаах дьоммутугар өссө да уһун олоҕу, чэгиэн доруобуйаны уонна мэлдьи үөрүү-көтүү аргыстаныҥ диэн ис сүрэхтэн баҕарабыт!