MXStat
MXStat
Введите текст для поиска
Расширенный поиск каналов
  • Вход на сайт
  • Каталог
    Каталог каналов Региональные подборки Поиск каналов
    Добавить канал
  • Рейтинги
    Рейтинг каналов Рейтинг публикаций
  • Аналитика
  • Поиск по публикациям [new]
  • Мониторинг Max
ТУМУСОВ

17 Oct, 17:01

Открыть в Max Поделиться

Репост из: ТУМУСОВ.НОВОСТИ
Ытыктабыллаах бүгүҥҥү түмсүү кыттыылаахтара!
Учуутал доҕорбут Илья Гаврильевич, туругур!

Бүгүн биҺиги Үтүөлээх Учуутал Илья Гаврильевич Кысылбаиков учуутал быҺыытынан үлэтин- хамнаҺын, олоҕун туҺунан кинигэ сүрэхтэниитигэр муҺуннубут.
Син сааҺырбыт дьон быҺыытынан Илья Гаврильевич маннык үтүөлээх, оннук үчүгэйдээх ЭТЭ диэн ааспыт үлэтин , ситиҺиилэрин туҺунан кэпсэтии барар.
Ол сөп.
Баар, буолбут туҺунан кэпсэтии.
Ол гынан баран, мин кэлэр кэскил туҺунан этээри гынабын.
Ол эбэтэр, бу биҺиги доҕорбут, үөлээннээхпит Илья Гаврильевич кэлэн иҺэр саҥа кэм Учууталын мөссүөнүн, моделин чочуйан оҥорууга киллэрэр уонна киллэриэхтээх кылаатын туҺунан этиэхпин баҕарабын.
Мин харса- хабыра суох этэбин: биҺиги Илья Гаврильевичпыт учуутал быҺыытынан мөссүөнүгэр кэлэр саҥа кэм учууталын мөссүөнүн, моделин сүрүн өрүттэрэ бааллар.
Ону дьэ, туохха олоҕуран эттиҥ диир буоллаххытына, маннык.
БАСТАКЫТЫНАН. Сахалар биҺиги ааспыт 20-с үйэҕэ бары кэриэтэ үөрэҕэ суох дьонтон үөрэхтээх омукка кубулуйбуппут.
Онно, билиини барытын илдьэ сылдьар учуутал сүрүн оруолу ылбыта.
ИККИҺИНЭН.
Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар учуутал саҥа көрүҥэ үөскээн тахсыбыта.
Чаҕылхай холобурдар: Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркин, ҮөҺээ Бүлүүгэ Михаил Андреевич Алексеев.
    Кинилэр талааннаах оҕолору булан утумнаахтык, дьулуурдаахтык дьарыктаммыттарын түмүгэр ыччаттар үрдүк ситиҺиилэммиттэрин билэбит.
ҮСҮҺҮНЭН. 
Кэлэр кэскил кэм учууталын мөссүөнэ, моделэ хайдах буолуохтааҕый?
Урукку кэм учуутала билиини барытын бэйэтэ илдьэ сылдьара. Онтукатын оҕолорго бэрсэрэ.
Билиҥҥи уонна кэлэр кэм учуутала элбэҕи билэрэ итэҕэс.
Ханнык баҕарар билиини , боппуруоҺу оҕо гаджеттан, наадыйдаҕына ИИ  туҺанан булан ылара саарбаҕа суох.
Билиини баҺылыырга биир таҺымҥа сылдьан, учуутал үөрэнээччини кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
Дьэ ити боппуруос тула идэлээхтэр, чинчийээччилэр элбэх кэпсэтиилэри ыыталлар.
Билигин ханнык баҕарар боппуруоҺу, эппиппит курдук ИИ-тэн ыйыттахха, бэрт түргэнник эппиэттиир.
Кэлэр кэм учууталын мөссүөнэ, моделэ хайдах буолуохтааҕый?
Искусственнэй Интеллект маннык диэн эттэ:
1.  Учуутал билиини эрэ бэрсээччи буолан бүтэр. Кини хас биирдии оҕо үөрэнэр, сайдар суолун- ииҺин ыйан, оҥорон биэрээччи буолар.
Оҕо күүстээх өрүттэригэр уонна интэриэстэригэр олоҕуран.

2. Кылаас, бөлөх үлэтин салайар, хас биирдии оҕо кыахтарын толору арыйар туҺугар.

3. ИИ үлэтигэр таба туҺанар. Оҕолор араас дьоҕурдарын сайыннарар. Хас биирдии майгыны ырытарга, саҥаны айарга, сатаан алтыҺары тэрийии, кыттыҺан үлэлээҺини хааччыйыы.

4. Оҕону кытары тэҥҥэ кэпсэтэри сатааҺын ( эмпатия), психологическэй өттүнэн киэҥ, холку буолааҺын. Оҕолорго бэйэ киҺитэ буолары сатааҺын.

5. Үөрэтэр предметин дириҥник уонна киэҥник билии.
ТиҺигин быспакка үөрэнии.

Бүгүҥҥү сүрэхтэнэр кинигэҕэ мин ыстатыйам эмиэ баар. Ол олус үчүгэй. Ыстатыйам мин Илья Гаврильевичтыын кини үлэлиир ньымаларын, уратыларын туҺунан кэпсэтииттэн тахсыбыт санаалар.
Дьэ онно кини маннык санаалары  эппит:
1. Илья Гаврильевич этэр :" Учуутал оҕону билиини сырсарга уҺуйуохтаах".
Биир оҕону кытары мөккүспүттэр уонна сакалааттаспыттар.
Оҕо 100 балы ситиспит.
2. Илья Гаврильевич этэр:" Учуутал оҕо наадалаах кэмигэр аттыгар баар буолуохтаах".
Ол аата кэмигэр сүбэлээн, кэмигэр сэмэлээн аттыгар баар буолуохтаах. Араас дистанционнай үөрэтии ньымалара сайдыахтара гынан баран, учуутал, киҺи тус оруола хаҺан да сүппэт.
3. Илья Гаврильевич этэр :" Дьулуурдаах үлэ хайаан да күүс­тээх, үр­дүк би­лии­гэ тиэр­дэр»
4. Илья Гав­рилье­вич этэр: «Оҕо­лор бэ­йэ-­бэ­йэ­лэ­рит­тэн кө­ҕүй­сэн, куо­та­ла­Һан сай­дал­лар, кыах­та­рын то­ло­ру ары­йал­лар»
Ол аата, учуутал оҕолор бөлөхтөрүн сөпкө аттаран туруоран сайыннарар.
5. Илья Гаврильевич этэр :" . «Учуу­тал би­лии­тэ-­кө­рүү­тэ, пред­ме­ти би­лэр та­Һы­ма суо­ту суот­туур­га хас да ньы­ма­нан суот­та­на­рын көр­дө­рөрү­гэр көстөр»
6. Илья Гав­рильевич этэр: «Оҕо­ҕо чоп­чу сыалы-­со­ру­гу мо­Һол­ло­ру туо­руур кур­дук ту­руор­дах­ха, оҕо си­тиҺии­гэ дьу­луу­ра чо­чул­лар».

694 16
Каталог
Каталог каналов Подборки каналов Поиск каналов Добавить канал
Рейтинги
Рейтинг каналов Max Рейтинг публикаций
API
API статистики API поиска публикаций
Наши каналы
MXStat в Telegram MXStat в Max
Контакты
Написать в Max Написать в Telegram Написать на почту
Всякая всячина
Пользовательское соглашение Политика конфиденциальности Публичная оферта
Наши боты
MXAuthBot MXAnalyticsBot MXStatBot
Made by TGStat