#Фотодня
🔹Өссө биир сэдэх ,Кыһыл кинигэҕэ киирбит сойка диэн көтөрү хаартыскаҕа түһэрдим.
🔹Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ «сойка» диэн көтөр Ньокоокуй (лат. Garrulus glandarius) диэн ааттанар эбит.
Кукаакыттан бөдөҥ, үрдүк мастаах ойуур көтөрө. Саха сирин соҕуруулуу-арҕаа кытыытыгар уйаланар, оттон арҕаа уонна киин улуустарга отой сэдэхтик көстөр.
🐧Сойка Кэмпэндээйи нэһилиэгэр ыалга кэлэн аһыырын бэлиэтии көрөн, көтөрдөрү кэтээн көрөр, хаартыскалыыр дьон группабытыгар суруйаннар иккитэ кырынан туран, иккис сырыыбар хаартыскаҕа хатаан кэллим.
🔹Гаврил Егорович уонна Розалия Петровна Пахомовтар дьиэлэригэр кэлэн аһаабыта биэс-алта хоммут эбит.Кинилэр түннүктэрин анныгар чыычаахтары аһаталлар эбит.
🔹Дьиэлээх хаһаайка сойка күн аайы биир кэмҥэ кэлэн аһыыр уонна дьиктитэ диэн, аһылык суох буоллаҕына түннүгү тоҥсуйар эбит диэн кэпсээтэ.
✍📸Василисса Андреева,Уустуйа
"Сунтаар сонуннара"хаһыат общественнай кэрэспэдьиэнэ.
https://max.ru/channel_suntaarsonunnara