💎 "Оҕуруо үйэлээх ситимэ" Майя Павлова бастакы айар быыстапката.
🔹 Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, С.А. Зверев - Кыыл Уола аатынан холбоһуктаах түмэлигэр хараҕы сымнатар, дууһаны манньытар олус кэрэ түгэн буолла. Кэрэ аҥаардар бары сөбүлээн, сэргээн, ымсыыра көрөр, кэрэ оҥоһуктарын норуот маастара Майя Павлова "Оҕуруо үйэлээх ситимэ" диэн ааттаах айар үлэтин бастакы быыстапкатыгар көрүөххэ сөп.
✨ Манна көстүбүт хас биирдии үлэ, тыһыынчанан кыра оҕуруоттан тиһиллэн, дойдубут баай устуоруйатын сырдатар, эҥкилэ суох тулуурдаах үлэни уонна төрүт култуураҕа тапталы туоһулуур.
Майя Павлова киэҥ араҥаҕа норуот үгэстэрин, саха оһуордарын билиҥҥи кэмҥэ тириэрдэр киһинэн биирдэстэрэ буолар. Хоту дойду хоһуун кыыһа буоларын быһыытынан кини үлэлэригэр чаҕылхай өҥнөрү таба туһанара харахха быраҕыллар.
Майя Павлова хатыламмат оҥоһуктарын түмэлгэ көрүөххүтүн сөп. Ааһа барбаккаҕыт, киирэн кэрэни кэрэхсээҥ! ✨✨
✍️🎥 Евдокия Егорова
https://сунтаарсонуннара.рф/oҕuruo-үjeleeh-sitime-majya-pavlova-bastaky-ajar-byystapkata/