"Софья Сидорова" «Амма киэн туттуута», "СӨ норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар тус кылаатын иһин" бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайына, СӨ култууратын уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бөтүҥ нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ көрдөрүүлээх «Оллоон» оҕо фольклорнай ансаамбылын салайааччыта Анисия Даниловна Софронова төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи
оскуола оҕолорун уонна уһуйаан иитиллээччилэрин 👦👧иһинэн, куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар
«Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону биирдиилээн уонна куолаан толорууга күөн- күрэс тосхоло!
Тэрийээччилэр:
• Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымнытын салалтата;
• «Бөтүҥ нэһилиэгэ» Тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата;
• Бөтүҥнээҕи «С.Я Левин аатынан норуот айымньытын киинэ»;
Күрэх ыытыллар кэмэ:
• Сэтинны 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри видео-матырыйааллары тутуу;
Сыала- соруга:
• Оҕоҕо олоҥхолуур идэ ньымаларын иҥэрии, олоҥхону толорорго көҕүлээһин;
• Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит тылынан уус-уран айымныны үйэтитии;
• Олоҥхону истии эйгэтин кэҥэтии, биирдиилээн уонна куолаан толоруу ньыматын баһылааһын;
• Күрэххэ олоҥхонон дьарыгырар уһуйаан иитиллээчилэрэ уонна оскуола оҕолоро 7-12 саастарыгар, 13-17 саастарыгар диэри кытталлар;
Күрэҕи ыытыы ирдэбиллэрэ:
• Олоҥхоһут сахалыы таҥаһа саба;
• Кыттыы иһин төлөбүрэ:
- биирдиилээн толорооччуттан 350 солкуобай💸
- бөлөххө хас биирдии толорооччутуттан 200 солкуобай💵
Кыттыы иһин төлөбүргүтүн
https://messenger.sbrf.ru/sl/g2VpqyQiaxiDgKBKA бу ссылканан ыытаҕыт🙌
• Видеоны, сайаапканы (толору ааккыт, ханнык улуус(нэһилиэк), саастарын, толорор олоҥхоҕут аатын), төлөөбүккүт туһунан квитанцияҕытын ватсап эбэтэр макс нөҥүө 📲89679133439 Бөтүҥнээҕи С.Я Левин аатынан норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччытыгар Попова Саина Ивановнаҕа ыытаҕыт🙌
НаҕараадалааҺын:
Кыттыы иҺин туоһу суруктар, өйдөбүнньүк бэлэхтэр, 🥇🥈🥉 миэстэ, анал ааттар, бөлөхтөрүнэн бастыҥтан бастыҥнарга
🏆«Кылаан чыпчаал» үрдүк ааттар иҥэриллиэхтэрэ🤩
Хос быҺаарыы: Киирбит үлэлэри дьүүллүүр сүбэ ахсынньы ый 7-9 күннэригэр көрөн, ахсынньы ый 10 күнүгэр түмүк
betunclub.kultura14.ru сайт страницатыгар тахсыаҕа🤩
Билсэр телефоҥҥут:
📲89679133439 Попова Саина Ивановна,
📲89245936674 Слепцова Айыына Георгиевна.