МБОУ "Хоробутская СОШ имени Дмитрия Таас"

Гео и язык канала: Россия, Казахский
Категория: Образование

Гео и язык канала
Россия, Казахский
Категория
Образование
Статистика
Фильтр публикаций

«Дьиэ кэргэн саргыта»: Мэҥэ Хаҥаласка төрөппүттэр форумнара үрдүк таһымҥа ааста

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар «Дьиэ кэргэн саргыта» диэн Мэҥэ Хаҥалас түөлбэтин төрөппүттэрин форума үрдүк тэтиминэн, көхтөөхтүк буолан ааста. Оскуола успуорт саалатыгар кэрэхсэбиллээх маастар-кылаастар уонна быыстапка тэрилиннэ.

Форум иһинэн Хорообут кустовой методическай холбоһуга «Ийэ — дьиэ кэргэн араҥаччыта» дьиэ кэргэн сыаннастарын тула кэпсэтии түһүлгэтин тэрийэн ыытта. Түһүлгэ анал хомус алыптаах дорҕоонунан арчылааһынтан саҕаланан, бастакы мүнүүтэлэртэн олус умсугутуулаахтык уонна иһирэхтик барда.
• Түһүлгэ саҕаланыытыгар В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыттан Пудова С.Д. улуу суруйааччыбыт А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөммүт» айымньытынан куолу-сэһэргэһиини саҕалаата. Мустубут дьон айымньыны оруолунан ааҕан, дириҥник ырытан, олоххо туһалаах түмүктэри оҥордулар.
• Салҕыы Миитэрэй Таас аатынан Хорообут орто оскуолатын төрөппүтэ Сергучева А.Е. «Удьуор тыын: көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ырыа кэрэ эйгэтигэр» тиэмэҕэ дьиэ кэргэнигэр оҕолорун иитии ньымаларын, улахан дьиэ кэргэн удьуор утумун туһунан иһирэхтик кэпсээтэ.
• «Төрүт үгэстэн сатабылга» тиэмэнэн элбэх оҕолоох ийэ, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, түөлбэ уонна өрөспүүбүлүкэ үгүс күрэхтэрин кыайыылааҕа Чугунова М.Р. бэйэтин баай уопутун үллэһиннэ.
• Салҕыы Н.Д.Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолатын төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андреева С.А. иилээн-саҕалаан ыытар «Дьөһүөл» төрөппүт уонна оскуола холбоһуктаах бырайыагын сиһилии билиһиннэрдэ.
• А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыттан успуорт инструктора, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Иванова С.В. тыа сиригэр оҕону иитии ньымаларын, оҕону төрөөбүт буоругар-сиригэр сыһыаран иитиини Өксөкүлээх Өлөксөй айымньытын туһанан киэҥник ырытта.
• Түһүлгэни түмүктээн Ф.К.Попов аатынан Баатара орто оскуолатын төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Корякина Л.И. «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону үлэнэн иитии» тиэмэҕэ туһалаах иһитиннэриини оҥордо.

Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии ньымаларын үллэстибит бары төрөппүттэргэ туоһу суруктар (сертификаттар) уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.

Түһүлгэ түмүгэр кыттааччылар түөрт бөлөххө арахсан, «иитии түбэлтэлэрин матрицата» (матрица воспитательных событий) диэн дириҥ ис хоһоонноох ньыманан кэлэр үөрэх сылын былааныгар киириэхтээх түбэлтэлэри торумнаан, дьүүллэһиигэ таһаардылар.

Тэрээһин олус көдьүүстээхтик, сылаас эйгэҕэ ааста. Бары кыттааччылар былаһаакка таһаарыылаах үлэтиттэн астынан, саҥа саҕахтарга кынаттанан тарҕастылар.

Репост из: Улус.Медиа | Новости Якутии
Олоҥхо күнүнэн! Поздравляем с Днём Олонхо!

💠 25 ноября в Якутии отмечают праздник, посвящённый уникальному культурному наследию народа саха — героическому эпосу Олонхо.

В 2005 году ЮНЕСКО признало Олонхо шедевром устного и нематериального культурного наследия человечества. Это подчеркнуло его значение не только для Якутии, но и для всего мира.

💫 Олонхо хранит историю, мудрость и традиции нашего народа, передавая их из поколения в поколение.

Пусть родная культура живёт и развивается, вдохновляет молодёжь и объединяет поколения! Желаем всем гордости за свои корни и любви к родным традициям.

@ulusmedia

«Сегодня, 24 ноября, для начальных классов прошла квест-игра „Тропами Олонхо“. Ребята окунулись в мир якутского эпоса, выполняли задания, собирали пазлы героев Олонхо, играли национальные настольные игры Хабылык и Хаамыска. Было увлекательно, вожатым спасибо. Победила команда "Орто дойдулар" со счетом 6 баллов#Навигаторыдетства #Навигаторыдетства14#Минпросвещения #Росдетцентр #Росдетцентр #деньолонхо #моймирОлонхо

«Разговоры о важном» — это цикл внеурочных занятий, который с 2022 года проводится во всех российских школах и колледжах. Занятия проходят еженедельно, по понедельникам первым уроком. Сегодня с 1-5 класс урок был на тему "Семья. Дела домашние". Цели занятия: расширение представлений обучающихся о значении семьи в жизни человека, её роли в становлении личности и сохранении преемственности поколений; раскрытие значения взаимного уважения, доверия, заботы и поддержки в укреплении семейных отношений; формирование ценностного отношения к семье, уважения к родным и интереса к истории своего рода; осмысление собственного вклада в благополучие семьи и важности совместных дел, семейных традиций и общения с близкими.
Формируемые ценности: крепкая семья
Для 6-11 классов на тема "Фёдор Петрович Гааз" . Фёдор Петрович Гааз (при рождении — Фридрих Йозеф Лаврентиус Хааз) — российский врач немецкого происхождения, филантроп и гуманист, получивший широкую известность как «святой доктор». Он посвятил свою жизнь бескорыстному служению людям, особенно самым обездоленным: бедным, заключённым, ссыльным. Цели занятия: формирование у обучающихся представления о Фёдоре Петровиче Гаазе как о человеке, для которого помощь другому стала нравственным принципом и жизненным выбором; осмысление понятий гуманизма и милосердия через конкретные поступки исторической личности; развитие способности замечать проявление чужой боли и нужды, оценивать собственные действия с позиции нравственных ценностей и понимать личную ответственность за отношение к другому человеку; воспитание уважения к человеческому достоинству, сострадания и готовности приходить на помощь, не откладывая доброе дело. Формируемые ценности: милосердие, сострадание, служение людям, честность, смелость, ответственность, ценность человеческой жизни, гуманизм, милосердие, высокие нравственные идеалы.

Репост из: Неизвестно
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Куннээйик☀️ 🪽Кетуу🪽❤️

Репост из: Неизвестно
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Куннээйик☀️ Кыыс Амма🌊❤️

Репост из: Неизвестно
🤼🤼🤼 Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Табаҕаҕа, сэтинньи 20 күнүгэр, Тараҕай нэһилиэгин бирииһигэр көҥүл тустууга 2014-2018 с.с. бөҕөстөргө турнир ыытылынна. Маннык турнирдар эдэр бөҕөстөрү өйүүргэ, спорду киэҥник тарҕатарга уонна чэгиэн олоҕу тутуһар үгэстэри бөҕөргөтөргө ананаллар.

🤼 Биһиги оскуолаттан Птицын Дархан, Алексеев Данил, Скрябин Максим, Захаров Еремей ситиһиилээхтик күрэхтэстилэр, тренердэрэ — Кирилл Петрович Софронов. Кинилэр бары бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрдүлэр уонна майгы-сигили, спортивнай дьулуурдаахтарын дакаастаатылар.

🤼 Түмүккэ:
Птицын Дархан — 1 🥇 миэстэ, Алексеев Данил — 3 🥉 миэстэ буоллулар.

🤼 Улуустааҕы турнирдарга кыайыы — спортивнай карьераҕа улахан хардыы уонна салгыы сайдарга көҕүлээһин буолар.
Оҕолорбутун, тренердэрин үчүгэй көрдөрүүлэринэн эҕэрдэлиибит! 👋👋👋

🎉🎉🎉 Турнирдарга кыайыы — сыралаах эрчиллии уонна күүстээх санаа түмүгэ. Иннигит диэки баран иһин!

Репост из: Неизвестно
🤼🤼🤼 Мэнэ Хаҥалас улууһугар, Табаҕаҕа, сэтинньи 20 кунугэр, Тараҕай нэһилиэгин бирииьигэр көҥүл тустууга 2014-2018сс бе5естерге турнир ыытылынна. Маннык турнирдар эдэр бөҕөстөрү өйүүргэ, спорду киэҥник тарҕатарга уонна чэгиэн олоҕу тутуһар үгэстэри бөҕөргөтөргө ананаллар.

🤼 Биһиги оскуолаттан Птицын Дархан, Алексеев Данил, Скрябин Максим, Захаров Еремей ситиһиилээхтик күрэхтэстилэр, тренердэрэ — Кирилл Петрович Софронов. Кинилэр бары бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрдүлэр уонна майгы-сигили, спортивнай дьулуурдаахтарын дакаастаатылар.

🤼 Тумуккэ
Птицын Дархан — 1 🥇 миэстэ, Алексеев Данил — 3 🥉миэстэ буоллулар.

🤼 Улуустааҕы турнирдарга кыайыы — спортивнай карьераҕа улахан хардыы уонна салгыы сайдарга көҕүлээһин буолар.
Оҕолорбутун, тренердэрин үчүгэй көрдөрүүлэринэн эҕэрдэлиибит! 👋👋👋

🎉🎉🎉 Турнирдарга кыайыы — сыралаах эрчиллии уонна күүстээх санаа түмүгэ. Иннигит диэки баран иһин!

Репост из: Неизвестно
🤼🤼🤼 Мэнэ Хаҥалас улууһугар, Табаҕаҕа, сэтинньи 20 кунугэр, Тараҕай нэһилиэгин администрациятын бирииьигэр көҥүл тустууга турнир ыытылынна. Маннык турнирдар эдэр бөҕөстөрү өйүүргэ, спорду киэҥник тарҕатарга уонна чэгиэн олоҕу тутуһар үгэстэри бөҕөргөтөргө ананаллар.

🤼 Тумуккэ Птицын Дархан — 1 🥇 миэстэ, Алексеев Данил — 3 миэстэ буоллулар.

🤼 Улуустааҕы турнирдарга кыайыы — спортивнай карьераҕа улахан хардыы уонна салгыы сайдарга көҕүлээһин буолар.
Оҕолорбутун, тренердэрин үчүгэй көрдөрүүлэринэн эҕэрдэлиибит! 👋👋👋

🎉🎉🎉 Турнирдарга кыайыы — сыралаах эрчиллии уонна күүстээх санаа түмүгэ. Иннигит диэки баран иһин!

Репост из: Неизвестно

Репост из: Неизвестно
📚📚📚 "Идэҕэ бастыҥ маастарыстыба" ("Профессионалы") диэн Арассыыйатааҕы чемпионат — 14 саастарыттан оҕолорго уонна колледжтар устудьуоннарыгар аналлаах, дойдуга саамай улахан уонна суолталаах куонкурус.

💻 Бэҕэһээ бу куонкурус биһиги улууспутугар Аллараа Бэстээххэ "IT-КУБ" киинигэр ыытылынна. Хорообут орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Иванова Виктория "Графический дизайн" компетенцияҕа 1 миэстэни ылан, үөрүүбүт үгүс. Салайааччылара— Попов С. И. 2-с №-дээх Майатааҕы орто оскуола информатика учуутала уонна Сергучева С. П. , кылаас салайааччыта. 👋👋👋 Быйыл 5-с төгүлүн кытынна, 7 кылааска 4 миэстэ буолбута, онтон ыла сыл аайы миэстэлэһэр.

📚 Былырыын Виктория өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ 1 миэстэни уонна Оренбург куоракка ыытыллыбыт "Идэҕэ бастыҥ маастарыстыба" ("Профессионалы") Арассыыйатааҕы чемпионат түһүмэҕэр "Идэҕэ профессионализм иһин" мэтээли ылбыта. Бу кини үрдүк таһымнааҕын бигэргэтэр үчүгэй көрдөрүү.

💻 Салайааччыта этэринэн, быйыл кини эмиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттаары, ахсынньыга эбэтэр тохсунньуга буолар кэтэхтэн ыытыллар тургутугу ааһыахтаах. Онно 5 эрэ оҕону талаллар, онон күрэстэһии олус күүстээх.

📚 Чемпионат — бу куонкурус эрэ буолбатах. Бу — уопут атастаһар, үлэ биэрээччилэри кытта билсэр уонна идэ сатабылларын сайыннарар улахан былаһаакка.

🪅 Викторияҕа ситиһиилэри баҕарабыт! Тулуур! Дьулуур! Кыайыы! ✊✊✊

Репост из: Неизвестно
📚📚📚 "Идэҕэ бастыҥ маастарыстыба" ("Профессионалы") диэн Арассыыйатааҕы чемпионат — 14 саастарыттан оҕолорго уонна колледжтар устудьуоннарыгар аналлаах, дойдуга саамай улахан уонна суолталаах куонкурус.

💻 Бэҕэһээ бу куонкурус биһиги улууспутугар Аллараа Бэстээххэ "IT-КУБ" киинигэр ыытылынна. Хорообут орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Иванова Виктория "Графический дизайн" компетенцияҕа 1 миэстэни ылан, үөрүүбүт үгүс. Салайааччыта — Попов Степан Иванович, 2-с №-дээх Майатааҕы орто оскуола информатика учуутала. 👋👋👋 Быйыл 5-с төгүлүн кытынна, 7 кылааска 4 миэстэ буолбута, онтон ыла сыл аайы миэстэлэһэр.

📚 Былырыын Виктория өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ 1 миэстэни уонна Оренбург куоракка ыытыллыбыт "Идэҕэ бастыҥ маастарыстыба" ("Профессионалы") Арассыыйатааҕы чемпионат түһүмэҕэр "Идэҕэ профессионализм иһин" мэтээли ылбыта. Бу кини үрдүк таһымнааҕын бигэргэтэр үчүгэй көрдөрүү.

💻 Салайааччыта этэринэн, быйыл кини эмиэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттаары, ахсынньыга эбэтэр тохсунньуга буолар кэтэхтэн ыытыллар тургутугу ааһыахтаах. Онно 5 эрэ оҕону талаллар, онон күрэстэһии олус күүстээх.

📚 Чемпионат — бу куонкурус эрэ буолбатах. Бу — уопут атастаһар, үлэ биэрээччилэри кытта билсэр уонна идэ сатабылларын сайыннарар улахан былаһаакка.

🪅 Викторияҕа ситиһиилэри баҕарабыт! Тулуур! Дьулуур! Кыайыы! ✊✊✊

Репост из: Неизвестно

Репост из: Неизвестно

Бүгүн биһиэхэ ураты суолталаах, кэрэ уонна өрөгөйдөөх күммүт үүннэ! Биһиги уһуйааммыт саамай кырачаан, сырдык мичээрдээх иитиллээччилэрэ сүдү киһибит, улуу суруйааччыбыт, бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оҕо хамсааһыныгар – «Өксөкү сиэннэрэ – чычып-чаап» кэккэтигэр киирэр үөрүүлээх тэрээһиммит буолла.
«Чычып-чаап» курдук сыыдам, сытыы, тулалыыр эйгэҕэ билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах кырачааннарбыт! Эһиги бүгүҥҥү күнтэн ыла:
• Төрөөбүт төрүт тылбытын харыстыырга,
• Айылҕабытын, көтөрдөрбүтүн-кыылларбытын таптыырга,
• Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр истиҥ доҕор буоларга,
• Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин батыһарга үөрэниэххит.
Өксөкүлээх эһэҕит эһиэхэ – кэнчээри ыччакка – үөрэхтээх, билииилээх, үтүө майгылаах буолуҥ диэн алгыс тылын хаалларбыта. Эһиги бу хамсааһыҥҥа киирэн, күн аайы саҥаны билэҥҥит, дьоҥҥутун үөрдэҥҥит, улахан дьоһун дьон буола үүнүҥ!
Күндү оҕолорбут! Суолгут куруук аһаҕас, сырдык буоллун! Кынаттаах кырачаан көтөрдөр курдук үрдүккэ, сырдыкка дайа үүнүҥ-сайдыҥ#ПосвящениеОрлятаДошколята#ОрлятаРоссии#ОрлятаДошколята#НавигаторыДетства#Навигаторыдетства14#ӨксөкүСиэннэрэ#ОрлятаРоссии14

Бүгүн биһиэхэ ураты суолталаах, кэрэ уонна өрөгөйдөөх күммүт үүннэ! Биһиги уһуйааммыт саамай кырачаан, сырдык мичээрдээх иитиллээччилэрэ сүдү киһибит, улуу суруйааччыбыт, бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оҕо хамсааһыныгар – «Өксөкү сиэннэрэ – чычып-чаап» кэккэтигэр киирэр үөрүүлээх тэрээһиммит буолла.
«Чычып-чаап» курдук сыыдам, сытыы, тулалыыр эйгэҕэ билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах кырачааннарбыт! Эһиги бүгүҥҥү күнтэн ыла:
• Төрөөбүт төрүт тылбытын харыстыырга,
• Айылҕабытын, көтөрдөрбүтүн-кыылларбытын таптыырга,
• Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр истиҥ доҕор буоларга,
• Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин батыһарга үөрэниэххит.
Өксөкүлээх эһэҕит эһиэхэ – кэнчээри ыччакка – үөрэхтээх, билииилээх, үтүө майгылаах буолуҥ диэн алгыс тылын хаалларбыта. Эһиги бу хамсааһыҥҥа киирэн, күн аайы саҥаны билэҥҥит, дьоҥҥутун үөрдэҥҥит, улахан дьоһун дьон буола үүнүҥ!
Күндү оҕолорбут! Суолгут куруук аһаҕас, сырдык буоллун! Кынаттаах кырачаан көтөрдөр курдук үрдүккэ, сырдыкка дайа үүнүҥ-сайдыҥ#ПосвящениеОрлятаДошколята#ОрлятаРоссии#НавигаторыДетства#Навигаторыдетства14#ӨксөкүСиэннэрэ#ОрлятаРоссии14

Репост из: Неизвестно
🌿 ДЕЙСТВУЕМ КАК ОДИН!

🎭ВНИМАНИЕ! Ко дню Олонхо Вилюйский район запускает республиканский флешмоб «Живые картины Олонхо»!

Приглашаем все образовательные организации Республики Саха (Якутия) стать частью большой общей истории!

🎬 Ваше задание: оживить один из образов Олонхо — богатыря, Айыы, коня богатыря, олонхосута или волшебный мир эпоса и др.

📹 Создайте живую композицию с участием детей и педагогов и запишите горизонтальное видео продолжительностью 10–15 секунд.

📅 Сроки проведения: 16-22 ноября 2026 года.

📲 ОБЯЗАТЕЛЬНОЕ ОФОРМЛЕНИЕ ПУБЛИКАЦИИ:

1. Опубликовать видеоролик на официальной странице (госпаблике) образовательной организации.
2. Добавить название флешмоба: «Живые картины Олонхо».
3. Сопроводить публикацию кратким описанием выбранного образа Олонхо.
4. Использовать все обязательные хэштеги:

#живыекартиныолонхоНД14
#навигаторыдетства14
#действуемкакодин
#Росдетцентр
#деньолонхо
#компасвоспитания

🔥 Школы республики, присоединяйтесь! Создайте свою живую картину, опубликуйте её в госпаблике и станьте частью единого республиканского видеоролика!

Одна республика — одна история — одно наследие! ДЕЙСТВУЕМ КАК ОДИН!

Репост из: Неизвестно
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max

Показано 20 последних публикаций.