Бүгүн биһиэхэ ураты суолталаах, кэрэ уонна өрөгөйдөөх күммүт үүннэ! Биһиги уһуйааммыт саамай кырачаан, сырдык мичээрдээх иитиллээччилэрэ сүдү киһибит, улуу суруйааччыбыт, бөлүһүөкпүт Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оҕо хамсааһыныгар – «Өксөкү сиэннэрэ – чычып-чаап» кэккэтигэр киирэр үөрүүлээх тэрээһиммит буолла.
«Чычып-чаап» курдук сыыдам, сытыы, тулалыыр эйгэҕэ билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах кырачааннарбыт! Эһиги бүгүҥҥү күнтэн ыла:
• Төрөөбүт төрүт тылбытын харыстыырга,
• Айылҕабытын, көтөрдөрбүтүн-кыылларбытын таптыырга,
• Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр истиҥ доҕор буоларга,
• Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин батыһарга үөрэниэххит.
Өксөкүлээх эһэҕит эһиэхэ – кэнчээри ыччакка – үөрэхтээх, билииилээх, үтүө майгылаах буолуҥ диэн алгыс тылын хаалларбыта. Эһиги бу хамсааһыҥҥа киирэн, күн аайы саҥаны билэҥҥит, дьоҥҥутун үөрдэҥҥит, улахан дьоһун дьон буола үүнүҥ!
Күндү оҕолорбут! Суолгут куруук аһаҕас, сырдык буоллун! Кынаттаах кырачаан көтөрдөр курдук үрдүккэ, сырдыкка дайа үүнүҥ-сайдыҥ#ПосвящениеОрлятаДошколята#ОрлятаРоссии#ОрлятаДошколята#НавигаторыДетства#Навигаторыдетства14#ӨксөкүСиэннэрэ#ОрлятаРоссии14