🥔🥕"Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн". Быйылгы дьылга үүнүү хомуура хойуута хас биирдии хаһаайыстыбалаах ыалы, тэрилтэни үөрдэр. Күүкэй оскуолатын оҕуруота хаһааҥҥытааҕар да өлгөм үүнүүнү бэлэхтээтэ. Ол курдук 50 куул хортуоппуй, 25 куул хаппыыста, 50ча киилэ сүбүөкүлэ, моркуоп хостонно. Уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ кыһын устата остолобуойга бэйэ үүннэриитэ-битэмииннээх аһы аһыахтара.