Ыллыктаах санаалаах аҕа дьоммутун ытыгылаан, Ийэ дойдуларыгар туруулаахтык үлэлээн киллэрсибит кылааттарын учуоттаан махтал уонна сүгүрүйүү бэлиэтин туоһулуур Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин кыһыл Знамята ыйар сулус буолан барыбытыгар холобур буоллун!
Олох тыынын тутан кэлбит чулуу дьонноох-сэргэлээх, үлэ-хамнас өттүгэр күүрээннээх көрдөрүүлээх, кэхтибэт эркээйи ыччаттаах Уустуйа нэһилиэгин ытык-мааны аҕа саастаах дьонугар махталбытын тиэрдэбит!
Аартыктаах айаннаах тэлимнэс Знамяны бүгүн о.э балаҕан ыйын 18 күнүгэр бу дьоһун суолталаах историческай эстафета салгыы айаннаан, ыаллыы сытар Кэмпэндээйи нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллыаҕа.
Салгыы үбүлүөйдээх Знамяны Кэмпэндээйи нэһилиэгэр айаннаата. Знамяны арыаллаан илтилэр Уустуйа нэһилиэгин баһылыга Ю.К.Иванов, бэтэрээннэр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Лидия Афанасьевна Иванова, социальнай харалта үлэһитэ Арина Прокопьевна Павлова, СӨ бочуоттаах учуутала Е.Е.Иванова уонна “Түмсүү” КК үлэһитэ Изабелла Витальевна Аввакумова.
Комсомол кэккэтигэр иитиллэн ааспыт, ыраас олоҕу тэрийсибит, культурнай революцияны ыытыспыт дьоннорбутугар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайыылаахтарын, тыылга харах уулаах үлэлэрин, эйэлээх олоҕу тутуспут дьоммут-сэргэбит сырдык кэриэстэрин туоһута буолар үбүлүөйдээх Знамя эстафетата салҕанар.