"СЫЛ БАСТЫҤ УЧУУТАЛА"
АИНА БЕКЯНОВА БУОЛЛА 💥
Сунтаарга аан бастакы "Сыл бастыҥ учуутала" күрэс 1991 сыллаахха тэриллибитэ. Манна 16 учуутал кыттан, бастыҥынан Элгээйиттэн ааттаах учуутал, салайааччы Егор Михайлович Николаев буолан Өрөспүүбүлкэҕэ Сунтаары көмүскээбитэ уонна тоҕус бастыҥ учуутал ахсааныгар киирбитэ. Онтон бэттэх хайы сах 35 сыла ааһа оҕуста. Сыл аайы үгэскэ кубулуйан тэриллэр учууталлар күрэстэрэ былырыын тэриллибэтэҕэ, онтон быйыл 13 кыттааччылаах буолла.
Күрэскэ Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын учуутала Матросова Юлия Станиславовна, Маар Күөл оскуолатын алын кылаас учуутала Саввинова Елена Сергеевна, Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын биология, география учуутала Бекянова Аина Сергеевна, ОБЗР учуутала Васильев Семен Семенович, Сунтаар 2 нүөмэрдээх оскуолатын биология, химия учуутала Федорова Светлана Борисовна, Уһун Күөл оскуолатын химия учуутала Григорьева Июлия Леонидовна, Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолатын информатика учуутала Афанасьев Валерий Дмитриевич, Туойдаах оскуолатын информатика учуутала Попова Ирина Николаевна, Тойбохой оскуолатын омук тылын учуутала Уарова Сайыына Юрьевна, Хадан оскуолатын омук тылын учуутала Степанова Алена Николаевна, Кутана оскуолатын омук тылын учуутала Меркурьева Алена Владимировна, Сунтаар гимназиятын нуучча тылын учуутала Слепцова Мария Семеновна, Уустуйа оскуолатын технология учуутала Сидорова Валентина Михайловна кытыннылар.
Манна бииргэ төрөөбүттэр Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх
Мария Слепцова уонна Семен Васильев кыттыыны ылбыттара улахан суолталаах түгэн буолла.
Учууталлар сарсыарда ɵттүгэр оҕолорго аһаҕас уруок ыыттылар. Икки хоһунан бииртэн биир ураты, олус интэриэһинэй уруоктар биир тыынынан аастылар. Эбиэт кэннэ кыттааччылар оҕону умсугутан уһуйар сатабылларын кɵрдɵрдүлэр, үһүс түһүмэххэ бэриллибит сорудаҕынан санааларын этиннилэр. Тойон сүбэ кыттааччылар олус бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтэ, бу сүбэҕэ үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин кэккэ Сунтаар улууһун аҕаларын түмсүүтүттэн Борис Уларов, "Арассыыйа ийэлэрэ" түмсүүттэн Евдокия Максимова үлэлээтилэр.
Күрэс түмүгүнэн кылаан кыайыылааҕынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын биология уонна география учуутала Аина Сергеевна Бекянова, 1 үрдэл Тойбохойтон Сайыына Уарова, 2 үрдэл Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын учуутала Юлия Матросова, 3 үрдэл Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Семен Васильев, "Увлеченность профессией" анал аат Кутанаттан Алена Меркурьева, "Педагог-исследователь" Июлия Григорьева, "Учитель-творец детской души" Сунтаар 2 нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Светлана Федорова, "Педагогическая надежда" Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Валерий Афанасьев буоллулар. Маны таһынан "Арассыыйа ийэлэрэ" түмсүү "Сердце отдаю детям" анал ааты Уустуйа учууталыгар Валентина Сидороваҕа туттарда. Истиҥ эҕэрдэ!
"Сыл бастыҥ учуутала" күрэс учуутал таһымын үрдэтэр, элбэх дьон иннигэр саҥарарга, кэпсииргэ улахан уопут биэрэр уонна биллэн турарын курдук олус сайдар.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА