«Географическай дьыктаан» аахсыйа кыттыылаахтара быйыл эмиэ оскуола былаһааккатыгар суруйдулар. Барыта 25 киһи кыттан, 30 видео - ыйытыктарга хоруйдаан анал былааҥкылары толордулар. Эппиэттэр тута сканерданан тэрийээччилэргэ тиийэллэр. Бары кыттааччыларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Түмүктэри ахсынньы 21 күнүттэн ыла Нуучча географическай уопсастыбатын сайтыгар «Результаты» кодунан көрүөххэ сөп.
«Географическай дьыктаан» аан дойдутааҕы сырдатар аахсыйа дойду бары регионнарыгар, ол иһигэр Саха сиригэр, сэтинньи 22 күнүгэр ыытыллар. Ону тэҥэ дьыктааҥҥа онлайн көрүҥүнэн эмиэ кыттыахха сөп (https://dictant.rgo.ru)
Болдьоҕо сэтинньи 22 күнүттэн ахсынньы 10 күнүгэр диэри.
Арассыыйа географиятыгар интэриэһи күүһүрдэр, сир - дойду туһунан билиилэри киэҥник тарҕатар сыаллаах тэрээһиҥҥэ сылтан сыл кыттыыбыт эбиллэр. Манна сыһыаран эттэххэ, Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2027 сылы Арассыыйаҕа География сылынан биллэрэр туһунан этии киллэрбитэ.