Уһаайба ууга барыыта - бу хоромньуну таһаарар уонна суһал дьаһаллары эрэйэр. Нэһилиэкпит олохтооҕо, учуутал Наталья Усова сылын аайы саас тиэргэнигэр тула өттүттэн эргийэ уу киирэн олорор дьиэтэ улаханнык эмсэҕэлээтэ. Быйыл иккис этээһин көтүрэн, дьиэтин акылаатын хос сиэмэнтэлээн биригээдэ булан оҥорторо сылдьар. Олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн бүгүн нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно түмсэн гравий, кумах куттулар. Өссө да элбэх үлэ күүтэр. Соҕотох ийэ уустук кэмҥэ өйөбүл буолбут оскуолатын кэлэктиибигэр, олохтоох дьаһалтаҕа, биирдилээн көмөлөспүт бар дьоҥҥо, биригээдэҕэ иһирэх махталын тириэрдэр.
#Түмсүү_күүс
#Түмсүү_күүс