Centralib Усть-Алданская библиотека📚


Гео и язык канала: Россия, Русский
Категория: Книги


Официальный MAX канал МКУ «Усть-Алданская МЦБС»

Связанные каналы

Гео и язык канала
Россия, Русский
Категория
Книги
Статистика
Фильтр публикаций


Репост из: УУС АЛДАН | МҮРҮ САҺАРҔАТА
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
📲Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata
‎
‎✅ @channel_ua_murusahargata @ulusmedia


Репост из: УУС АЛДАН | МҮРҮ САҺАРҔАТА
👏Бүгүн Уус Алдан улууһун киин библиотекатыгар «Библиотекари Усть-Алданского улуса» диэн тэрилтэ үлэһиттэрин сырдатар улуус историятыгар аан бастакы энциклопедия сүрэхтэниитин биһирэмэ буолла.

Бу кинигэ улуус тэриллибитэ 100 сылын көрсө улууспут үлэһит дьонун үйэтитэр үлэҕэ биир дьоһун миэстэни ылар таһаарыы буоларын үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр уонна бырайыак ааптарыгар “Мүрү саһарҕата” хаһыат кылаабынай эрэдээктэригэр Наталья Поповаҕа махтаннылар.

Биһирэм тэрээһинин саҕаланыытыгар энциклопедияны түмэн таһаарыыга элбэх сыратын биэрбит С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека информационнай-методическай киинин сүрүн библиотекара Мария Попова кинигэ ырытыытын оҥордо.

Кини энциклопедия матырыйаалларын түмүүгэ сүрүн тирэҕинэн 1994, 1999 сылларга Марианна Борисова, Анна Бурнашева хомуйан оҥорбут улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин историятын сырдатар брошюралара, 2012 сыллаахха Марианна Борисова “Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигин ветераннара” кинигэтэ уонна Анна Бурнашева, Николай Кривошапкин, Вера Портнягина оҕо библиотекатын туһунан “Кинигэ алыптаах эйгэтин тэлэн… (Уус Алдан улууһунааҕы оҕо библиотекатын үлэтэ. 1948–2011)” бэлэмнээбит кинигэлэрэ буолбуттарын бэлиэтээн эттэ. Маны таһынан кииннэммит библиотека тиһигин бочуоттаах директора Варвара Окоемова, нэһилиэктэр библиотекаларын сэбиэдиссэйдэрэ сурукка киирбэтэх элбэх матырыйаалы хомуйан, суруйан улахан кылааттарын киллэрбиттэрин иһин махтанна.

Биһирэмҥэ тэрилтэ ветераннара, улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Тарасов, култуура управлениетын начаалынньыга Эльза Киренская, улуус хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Попова, кииннэммит библиотека тиһигин дириэктэрэ Лена Павлова, нэһилиэктэр библиотекаларын сэбиэдиссэйдэрэ эҕэрдэ тылларын эттиллэр, улууспутугар быйыл биллэриллибит Сомоҕолоһуу уонна бииргэ үлэлээһин, өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сылынан маннык кинигэ улуус историятыгар дьоһун бэлэх буолбутун бэлиэтээтилэр уонна мантан саҕыллан, саҕаланан аны атын эйгэлэр, тэрилтэлэр эмиэ бу бырайыакка кыттыһаллара наадалааҕын, оччоҕо сотору кэминэн улууспут үлэһит дьонун сырдатар хас даҕаны кинигэлээх серия баар буолуоҕар эрэнэллэрин эттилэр.

Сиһилии
⬇️
МЮРЮГАЗЕТА.РФ

📲Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata
‎
‎✅ @channel_ua_murusahargata @ulusmedia


Уус Алдаҥҥа олонхо дьыктаана ыытылынна.

Олоҥхо – бу олох. Олоҥхоҕо курдук олоххут омуннаах-төлөннөөх, кыайыылаах, сырдык күүс, ыраас эрэл санаа өрүүтүн сиэттистин!

С.С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэҕэ улууспутугар ыытылла турар "Олоҥхо уонна Хомус" декадаларын чэрчитинэн олоҥхо дьыктаана ыытылынна. Быйыл ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  олоҥхоһут  Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай  - Бэдьээлэ "Дьырыбына Дьырылыатта – Кыыс бухатыыр" олоҥхоттон быһа тардыы кэллэ.

Олоҥхо      дьыктаанын ыытыы сыала-соруга:
-олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии;
-олоҥхо тылын билиини чиҥэтии;
-олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии;
-төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии;
-сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы.

Быйылгы аахсыйаҕа Г.В.Егоров аатынан Мүрү 1№ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ анаан-минээн сахалыы таҥнан дьыктааҥҥа кытта кэлбиттэрэ. Тэрээһин иннинэ "Алгыс" кыраайы үөрэтэр отдел сэбиэдиссэйэ О.Н.Павлова "Олоҥхо биһигэ- Уус Алдан" кинигэнэн быыстапканы сиһилии билиһиннэрдэ. Маны таһынан, үлэлэри бэрэбиэркэлиир кэмҥэ аахсыйа кыттыылаахтара сахалыы "Тыл оонньуутун", "Тэтим таас", "Биэс ойбон" уо.д. а остуол оонньууларын сэргээн кэтэһэ таарыйа сынньыннылар.


📚«Библиотекари Усть-Алданского улуса» энциклопедия С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека информационнай – методическай киинин сүрүн библиотекара М.К. Попова ырытыытыгар

Сиһилии
➡️ https://uacbs.ru/encziklopediya-bibliotekari-ust-aldanskogo-ulusa-yrytyyta/

📲 Макс каналбытыгар суруйтарыҥ https://max.ru/id1427002410_gos


📚В Усть-Алданском улусе представили энциклопедию «Библиотекари Усть-Алданского улуса»

26 ноября в Центральной районной библиотеке Усть-Алданского улуса состоялась презентация энциклопедии «Библиотекари Усть-Алданского улуса». Это первое издание в истории нашего района, которое собрало вместе истории всех наших библиотекарей.

Читать далее ➡️ https://uacbs.ru/v-ust-aldanskom-uluse-predstavili-encziklopediyu-bibliotekari-ust-aldanskogo-ulusa/

📲 Подпишись на наш канал https://max.ru/id1427002410_gos


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Дьиэ кэргэттэргэ анаан сэргэх оонньуу! 👨‍👩‍👧‍👦💖 🤩

Сэтинньи 25 күнүгэр биһиги улууспутугар Арассыыйаҕа Ийэ уонна Аҕа күнүн декадатын чэрчитинэн, дьиэ кэргэттэргэ анаан "Родные. Любимые" диэн ааттаах интеллектуальнай оонньуу буолан ааста. Сиһилии ➡️ https://uacbs.ru/die-kergetterge-anaan-sergeh-oonnuu-%f0%9f%91%a8%f0%9f%91%a9%f0%9f%91%a7%f0%9f%91%a6%f0%9f%92%96/

📲 Макс каналбытыгар суруйтар https://max.ru/id1427002410_gos


https://uacbs.ru/uluus-ustuorujatygar-haalar-doһun-beleh-📖🌾/

Арсен Осиповтан улуус устуоруйатыгар хаалар дьоһун бэлэх!📖🌾


Репост из: УУС АЛДАН | МҮРҮ САҺАРҔАТА
🔹 «Чолбон» сурунаал 100 сылынан «Чолбон. Өй күрэһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи IV оонньуу Уус Алдан улууһун нэһилиэктэригэр сэтинньи 24 күнүттэн саҕаланна.

Бэҕэһээ Хоро нэһилиэгэр «Чуораанчык» детсад иитээччилэрэ кытыннылар уонна күрэс усулуобуйатынан кыттааччылар «Чолбон» сурунаалга суруттардылар.

✍️ Ксения Кириллина, С.Г. Крылов аатынан Майаҕастааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ

📲Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata

🌐https://мюрюгазета.рф/

✅ @channel_ua_murusahargata @ulusmedia


Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ https://uacbs.ru/setinni-25-k%d2%afne-olo%d2%a5ho-k%d2%afne/


Саха биллиилээх поэта, суруйааччыта, драматура уонна общественнай деятелэ А.И. Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылынан Г.В. Егоров аат. Мүрү 1 орто оскуолатыгар улуустааҕы киин библиотека краеведческай отделын сэбиэдиссэйэ О.Н. Павлова 9, 10, 11 кылаас үөрэнээччилэригэр " Алампа-саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, общественнай деятель" диэн уроктары ыытта. Барыта 84 оҕо хабылынна.


Сегодня – День моржа! https://uacbs.ru/segodnya-den-morzha/


Репост из: Неизвестно
В  фокусе читательская грамотность: Мюрюнская СОШ №2 принимает муниципальную олимпиаду! https://uacbs.ru/v-fokuse-chitatelskaya-gramotnost-myuryunskaya-sosh-№2-prinimaet-municzipalnuyu-olimpiadu/


ДЕНЬ СЛОВАРЕЙ И ЭНЦИКЛОПЕДИЙ

22 ноября, в день рождения русского писателя, лексикографа и этнографа Владимира Ивановича Даля, отмечается День словарей и энциклопедий. Начав записывать незнакомые слова ещё в юности, спустя десятилетия Даль представил миру «Толковый словарь живого великорусского языка». https://uacbs.ru/den-slovarej-i-encziklopedij/


Репост из: УУС АЛДАН | МҮРҮ САҺАРҔАТА
🔹 Ытыктыыр бэтэрээммитин Анна Никитична Бурнашеваны быйылгы үбүлүөйдээх сылынан улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин аатыттан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Чэгиэн доруобуйаны, күн бүгүҥҥүҥ курдук күлэ-үөрэ, сүбэлии-амалыы сылдьаргар, дьоллоохтук олороргор баҕарабыт!

Ан
на Никитична өр сылларга үгүс көлүөнэ ыччаты кинигэ дьикти абылаҥар угуйан, ааҕааччылара үтүө-мааны үлэһит дьон буолан тахсалларыгар киллэрбит кылаата муҥура суох. Кини 1979 сыллаахха Хабаровскайдааҕы култуура институтун бүтэрэн, дойдутугар кэлэн оройуоннааҕы бибилэтиэкэ отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии киирбитэ. Кини аан бастакыттан үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх үлэһитинэн бэйэтин көрдөрөн, сотору кэминэн оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйинэн анаммыта.

Сиһилии улуустааҕы оҕо библиотекатын сүрүн бибилэтиэкэрэ Надежда Гоголева
⬇️
МЮРЮГАЗЕТА.РФ

📲 Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata

✅ @channel_ua_murusahargata @ulusmedia


🌅*Ытык-мааны Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо, ыалдьыттара!*☀️

⚜️Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыйын чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр сыаллаах *«Олоҥхо дьыктаана»*📝 аахсыйаҕа барыгытын ыҥырабыт!

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

_Сэтинньи 25 күнэ, 11:00 чаастан_

_С.С.Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалата._📚📖

⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

*Саллар саас тухары олоххо*
*Саханы үрдэтиэ Олоҥхо:*
*Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,*
*Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө.*
_Куннук Уурастыырап_


Географический диктант-2026 https://uacbs.ru/geograficheskij-diktant-2026/


Сэтинньи 18 күнүгэр, маҥнайгы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн олоххо киирбит XX үйэ баараҕай тутуута — «Лена — Мүрү» уу ситимэ үлэҕэ киирбитэ 30 сыллаах үбүлүөйэ үрдүк таһымҥа бэлиэтэннэ!  Сиһилии: https://uacbs.ru/өlүөne-mүrү-uu-sitimin-30-syla/


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Max
Кустук сэттэ өҥүнэн сандаарар күндү ийэлэрбит

Сэтинньи 19 күнүгэр Уус Алдан киин библиотекатыгар «Кустук сэттэ өҥүнэн сандаарар күндү ийэлэрбит» диэн Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна.

📲Салгыы https://uacbs.ru/kustuk-sette-өҥүnen-sandaarar-kүndү-ijelerbit/

✅ Макс каналбытыгар суруттарыҥ https://max.ru/id1427002410_gos


Репост из: Улус.Медиа | Новости Якутии
🪶 Сегодня, 19 ноября, отмечается День русского языка в Якутии!

Праздник был учрежден Первым Президентом Якутии Михаилом Николаевым в 2001 году. Дата приурочена ко дню рождения Михаила Ломоносова — выдающегося ученого, внесшего большой вклад в становление и развитие современного русского языка.

📖 Русский язык занимает важное место в культурной жизни республики, выступая связующим звеном между народами и культурами. Он объединяет людей, способствует взаимопониманию и помогает сохранять общее культурное пространство.

В этот день хочется вспомнить о богатстве и самобытности русского языка, его истории, выразительности и значении в жизни общества!

@ulusmedia


Дорогие друзья! Приглашаем вас на двенадцатый Географический диктант! https://uacbs.ru/dorogie-druzya-priglashaem-vas-na-dvenadczatyj-geograficheskij-diktant/

Показано 20 последних публикаций.