✨✨✨Дамира Дорофеева Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнээччитэ. Бэйэтин баҕатынан Бороҕоҥҥо кэлэн, «Кэнчээри» ансаамбылга дьарыктаныан баҕарарын биллэрбитэ уонна өрөбүллэригэр Дүпсүнтэн дьоно массыынанан аҕалан, куолас постановкатыгар, академическай ырыаҕа, фольклорга тойукка, оһуохайга, хомуска дьарыктанан барбыта✊ Ырыа материалын онлайн телефонунан ылан, «Кэнчээри» ыллыыр классическай хоровой, сольнай айымньыларын үөрэтэн, Александр Николаевич Жирков тэрийэн ыыппыт «Кэнчээри» састаабыгар киирсэн, Киргизияҕа аатырбыт Иссык Куль биэрэгэр турар «Звездочка» диэн Православнай лааҕырга сынньанан, «Кэнчээрилэри» кытта религиознай классиканы, Каччини "Аве Мариятын" ыллаһан, сахалыы туойсан, оһуохайдаһан, хомустаһан кэлбитэ👏👍
🎼🎼🎼Бишкек улахан паркатыгар концертаан, Киргизия Өрөгөйүн ырыатын толорон, сүүһүнэн көрөөччүнү сүһүөхтэригэр туруоран, Максим Аммосов памятнигар сылдьан, оһуохайдаан, Улуу киһибит сырдык аатын кэриэстэһэн кэлбитэ👍
💫💥✨Быйыл Бүтүн Россиятааҕы «Поют дети России» оҕолор хоровой фестивалларыгар кыттан, Россия 400 бастыҥ ырыаһыт оҕолорун солистка Сардаана Дьяконова оһуохай таһаарыытыгар кынат буолан ыллаһан, саханы саха дэтиспитэ✊👏👏
В.Парников
➡️➡️➡️
https://vk.ru/wall-1520251_1310