Репост из: УУС АЛДАН | МҮРҮ САҺАРҔАТА
Улуустааҕы акушерскай-гинекологическай сулууспа 90 сыла
🤲Ийэ, оҕо доруобуйатын харыстабылыгар үйэ кэриҥэ таһаарыылаах үлэ
Уус Алдан оройуонугар 1935 сыллаахха Томторго түбүркүлүөстэн эмтиир 5 куойкалаах отделение арыллыбыта. Биир сыл буолан баран, 1936 сыллаахха нэһилиэктэр күүстэринэн 10 куойкалаах түбүркүлүөһү утары диспансер тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Маны таһынан манна 7 куойкалаах төрүүр дьиэ уонна 20 куойкалаах оройуоннааҕы балыыһа олохсуйбуттара. Оройуон бастакы төрүүр дьиэтин сэбиэдиссэйинэн Наталья Михайловна Сабунаева үлэлээбитэ.
1937 с. II Өспөх нэһилиэгэр 3 куойкалаах холкуос төрүүр дьиэтэ, 1940 сыл алтынньытыгар Саха АССР наркомун 741 №-дээх бирикээһинэн Уус Алдан оройуонун Баатаҕай нэһилиэгэр 3 куойкалаах холкуос төрүүр дьиэтэ арыллыбыта, онно акушерканан Е.С. Соловьева үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр төрүүр дьиэҕэ акушеркаларынан М. К. Андреева, З. Н. Халтурина, В. Н. Егорова, И. А. Захарова-Лобанова, Г. Г. Безнадежная, А. Кочегарова үлэлээбиттэрэ.
1947 сыллаахха Бороҕон сэлиэнньэтигэр 25 куойкалаах оройуоннааҕы балыыһа саҥа дьиэтэ уонна 7 куойкалаах төрүүр дьиэ тутуллубуттара.
✍️Варвара Сыроватская, Г. Г. Никифоров аатынааҕы улуустааҕы киин балыыһа акушерскай салаатын сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах быраас, оройуон штаты таһынан сүрүн акушер-гинеколога, РФ, СӨ үтүөлээх бырааһа, Уус Алдан улууһун, Өспөх уонна Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо
Сиһилии↩️
📲Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata
🌐 https://мюрюгазета.рф/
✅ @uamurusahargata @ulusmedia