👏Бүгүн Уус Алдан улууһун киин библиотекатыгар «Библиотекари Усть-Алданского улуса» диэн тэрилтэ үлэһиттэрин сырдатар улуус историятыгар аан бастакы энциклопедия сүрэхтэниитин биһирэмэ буолла.Бу кинигэ улуус тэриллибитэ 100 сылын көрсө улууспут үлэһит дьонун үйэтитэр үлэҕэ биир дьоһун миэстэни ылар таһаарыы буоларын үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр уонна бырайыак ааптарыгар “Мүрү саһарҕата” хаһыат кылаабынай эрэдээктэригэр
Наталья Поповаҕа махтаннылар.
Биһирэм тэрээһинин саҕаланыытыгар энциклопедияны түмэн таһаарыыга элбэх сыратын биэрбит С.С. Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека информационнай-методическай киинин сүрүн библиотекара
Мария Попова кинигэ ырытыытын оҥордо.
Кини энциклопедия матырыйаалларын түмүүгэ сүрүн тирэҕинэн 1994, 1999 сылларга
Марианна Борисова, Анна Бурнашева хомуйан оҥорбут улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин историятын сырдатар брошюралара, 2012 сыллаахха
Марианна Борисова “Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотека тиһигин ветераннара” кинигэтэ уонна
Анна Бурнашева, Николай Кривошапкин, Вера Портнягина оҕо библиотекатын туһунан “Кинигэ алыптаах эйгэтин тэлэн… (Уус Алдан улууһунааҕы оҕо библиотекатын үлэтэ. 1948–2011)” бэлэмнээбит кинигэлэрэ буолбуттарын бэлиэтээн эттэ. Маны таһынан кииннэммит библиотека тиһигин бочуоттаах директора
Варвара Окоемова, нэһилиэктэр библиотекаларын сэбиэдиссэйдэрэ сурукка киирбэтэх элбэх матырыйаалы хомуйан, суруйан улахан кылааттарын киллэрбиттэрин иһин махтанна.
Биһирэмҥэ тэрилтэ ветераннара, улуус баһылыгын солбуйааччы
Алексей Тарасов, култуура управлениетын начаалынньыга
Эльза Киренская, улуус хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ
Наталья Попова, кииннэммит библиотека тиһигин дириэктэрэ
Лена Павлова, нэһилиэктэр библиотекаларын сэбиэдиссэйдэрэ эҕэрдэ тылларын эттиллэр, улууспутугар быйыл биллэриллибит Сомоҕолоһуу уонна бииргэ үлэлээһин, өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сылынан маннык кинигэ улуус историятыгар дьоһун бэлэх буолбутун бэлиэтээтилэр уонна мантан саҕыллан, саҕаланан аны атын эйгэлэр, тэрилтэлэр эмиэ бу бырайыакка кыттыһаллара наадалааҕын, оччоҕо сотору кэминэн улууспут үлэһит дьонун сырдатар хас даҕаны кинигэлээх серия баар буолуоҕар эрэнэллэрин эттилэр.
Сиһилии
⬇️
МЮРЮГАЗЕТА.РФ📲Мах-каналбытыгар сурут
⬇️
https://max.ru/channel_ua_murusahargata
✅
@channel_ua_murusahargata @ulusmedia